|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2018 » Январь » 19 » Персонифицированное финансирование дополнительного образования детей в улусе
12:17
Персонифицированное финансирование дополнительного образования детей в улусе

Анализ пилотного проекта «Персонифицированное финансирование дополнительного образования детей» в Мегино-Кангаласском улусе

Оҕону эбии үөрэхтээһин Киинэ – саҥа бырайыакка кыттыы.

Оҕо оскуолаттан иллэҥ кэмигэр дьарыктаах буоллаҕына эбии сайдар, билиитэ-көрүүтэ дириҥиир. Майаҕа кэнчээри ыччат талаанын арыйарыгар, дьоҕурун туһанарыгар, ситиһиилэнэригэр, олоҕусыаналыырыгар үгүс болҕомто ууруллар.

Быйылгы үөрэх дьылыгар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн 101 араас хайысхалаах куруһуоктар 2591 оҕону хабан оҕо дьоҕурун сайыннарар сыаллаах үлэлииллэр. Улуус оскуолаларыгар, ону таһынан, киин дьиэтин иһинэн  90 талааннаах педагог анал эбии үөрэхтээһин  программаларынан айымньылаахтык үлэлэрин са5алаатылар. Иистэнииттэн саҕалаан фольклорга тиийэ оҕолор сөбүлээн дьарыктаналлар, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кытталлар. Сайдыылаах оҕо улууспут кэскилэ буоларын өйдөөммүт, үлэбитигэр олус эппиэтинэстээхтик сыаһыаннаһабыт.

Быйылгыттан «Персонифицированнай финансирование” диэн анал бырайыакка бала5ан ыйын 1 кунуттэн киирэн үлэлэстибит. Баҕалаах оҕо сертификатынан талан ылбыт куруһуогар, сертифицированнай эбии үөрэхтээһин программатыгар дьарыктанар. Уопсайа 49 куруһуок пилотнай проекка кииристэ. Бу проект 2018 сылга дылы эксперимент быһыытынан барар. Ол курдук үӊкүү хайысхатыгар: Алтаннаа5ы филиал, салайааччы Сидорова Ньургуйяна Федотовна «Олонхо в танце» программанан 15 о5ону, Павловскайдаа5ы филиал, салайааччы Попова Наталья Валентиновна “Якутский танец” 15 о5о, Аллараа Бэстээхтээ5и филиал, салайааччы Захарова Саргылана Егоровна “Традиционные народные танцы” программанан 15 о5ону, Баатаратаа5ы филиал, салайааччы Томская Изольда Иннокентьевна “Северные танцы” программанан 15 о5ону, Хапта5айдаа5ы филиал, салайааччы Григорьева Сахайаана Ивановна “Фитнес-аэробика” программанан 15 о5ону, Бэдьимэтээ5и филиал, салааччы Аргунова Гликория Матвеевна “Народный танец” программанан 15 о5ону, ырыа хайысхатыгар: Балыктаахтаа5ы филиал, салайааччы Стручков Яков Константинович “Күнү кытта ыллыыбыт” программанан 15 о5ону, Рассолодатаа5ы филиал, салаайааччы Попов Ньургустан Егорович “Силиги симэхтэрэ” программанан 15 о5ону, Аллараа Бэстээхтээ5и  филиаллар, салайааччылар Захарова Надежда Анатольевна “Домисолька” программанан 15 о5ону, Свинобоева Вероника Анатольевна “Сюрприз” программанан 15 о5ону, Тумуллаа5ы филиал, салайааччы Кузьмина Елена Федоровна “Дьүрүлгэн” программанан 15 о5ону, Наахаратаа5ы филиал, салайааччы Никоноров Николай Иванович “Дьэргэлгэн” программанан 15 о5ону, Мэлдьэхситээ5и филиал, салайааччы Плотникова Саргылана Константиновна “Суолаана” программанан 15 о5ону, Эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн, салайааччы Апросимова Елена Александровна “Ырыа барахсан” программанан 15 о5ону,  фольклор хайысхатыгар: Телигитээ5и филиал, салайааччы Трофимова Валентина Устиновна “Айыллаан” программанан 15 о5ону, Эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн, салайааччы Слепцова Анастасия Ивановна “Сайдыы” программанан 15 о5ону, декоративно-прикладной хайысха5а: Хорообуттаа5ы филиал, салайааччы Босикова Наталья Васильевна “Мир поделок” программанан 10 о5ону, Мооруктаа5ы филиал, салайааччы Егорова Туйяра Дмитриевна “Чудесное ремесло” программанан 10 о5ону, Харатаа5ы филиал, салайааччы Захаров Юлиан Петрович “Промыслы предков народа Саха” программанан 10 о5ону, Аллараа –Бэстээхтээ5и филиаллар: салайааччылар Зедгенидзева Ольга Евгеньевна “Творческая Мастерская” программанан 10 о5ону, Канаева Ньургуяна Трофимовна “Ситим” программанан 10 о5ону, Догдоӊотоо5у филиал, салайааччы Максимова Евгения Васильевна “Волшебная палитра” программанан 10 о5ону, Павловскайдаа5ы филиал, салайааччы Оконешникова Наталья Николаевна “Арт керамика” программанан 10 о5ону, Бүтэйдээхтээ5и филиал, салайааччы Титова Светлана Дмитриевна “Художественная керамика” программанан 10 о5ону, Төӊүлүтээ5и филиал, салайааччы Толстякова Светлана Ивановна “ШИК” программанан 10 о5ону, Эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн, салайааччылар Судико Валерия Вагановна “Арт батик” программанан 10 о5ону, Стручкова Евдокия Родионовна “Мода и дизайн” программанан 10 о5ону, Птицына Дария Алексеевна “Кыыс Куо” программанан 10 о5ону, Ефимова Мария Владимировна “Чудеса из полимерной глины” программанан 10 о5ону, Боякинова Марина Николаевна “Разноцветная мозаика” программанан 10 о5ону, техническэй хайысха5а: Аллараа Бэстээхтээ5и филиал, салайааччы Ылахова Сардана Петровна “Архитектура и макетирование” программанан 10 о5ону, Эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн, салайааччы Федорова Надежда Дмитриевна “Кадр” программанан 10 о5ону, Томтордоо5у филиал, салайааччы Колесов Дьулустан Васильевич “Я-юный техник” программанан 10 о5ону, социально-педагогическай хайысха5а: Таба5атаа5ы филиал, салайааччы Григорьева Людмила Афанасьевна “Астык” программанан 10 о5ону, Хапта5айдаа5ы филиал, салайааччы Парфенов Николай Терентьевич “Күөх боллох бэлэ5э” программанан 10 о5ону, Эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн, салайааччылар Скрябина Матрена Григорьевна “ГУД ФУД” программанан 10 о5ону,  Шестакова Виктория Дмитриевна “Lider Life» программанан 15 о5ону, Тыыллымматаа5ы филиал, салайааччы Чичахова Елена Васильевна “Учимся играть в театр” программанан 15 о5ону, естественно-научнай хайысха5а: Маттатаа5ы филиал, салайааччы Гоголева Сардана Петровна “Алаас-колыбель народа”программанан 10 о5ону хабан үлэлииллэр.

Эбии уэрэхтээьин коллектива улэлээн кэлбит кэмигэр, мунньуммут педагогическай, методическай уопутугар тирэ5ирэн, о5ону сайыыннарыыга, биир сыаллаах-соруктаах улэни ыытар.

О5ону эбии уорэхтээьин киинин методиьа  Борисова Ирина Григорьевна.

 

Төхтүрдээҕи оҕо техническай Киинигэр саҥа бырайыак сүрэхтэннэ.

Эбии үөрэхтээһин ханнык баҕарар кэмнэргэ оҕо интэриэһин тардар, өрүү инники күөҥҥэ сылдьар, оҕо дьарыктаах буоларын хааччыйар тэрилтэ. Олоххо бэлэмнээх дьону иитэн таһаарага сүрүн күүс буолар.Бу хайысхаҕа ситимнээх үлэни сөптөөхтүк ирдээн, үөрэнээччи хабыллыытын төһө кыалларынан үрдэтэн биэрии соруга турар.

Бу кэнники сылларга эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр элбэх уларыйыылар киирдилэр: эбии үөрэхтээһин педагогун профессиональнай стандарта, эффективнай контракт, персонифицированнай үбүлээһин. Бу барыта эбии үөрэхтээһин үөрэтэр бырагырааммаларыгар уларыйыылары ирдиир: модульнай, дириҥэтэн үөрэтии, биирдиилээн үөрэтии, дистанционнай уонна комплекснай үөрэхтээьиннэр.

СӨ бырабыытылыстыбатын атырдьах ыйынааҕы№319 уураҕа«2016-2017 үөрэх дьылыгар эбии үөрэхтээһин салаатыгар персонифицированнай үбүлээһини эксперимент быһыытынан киллэрии», СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин алтынньы ыйдаа5ы №01-09/2850 ыйааҕа «СӨ эбии үөрэхтээһиҥҥэ персонифицированнай убулээһин быраабылаларын сөбүлэҥнэрэ»ону таһынан Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕирии салаатын от ыйынааҕы №02-97/02 бирикээһэ «2017 сылга эбии үөрэхтээһиҥҥэ персонифицированнай убулээһин бырагыраамматын ылыныы».

Персноифицированнай убулээһин диэн үбүлээһин саҥа көрүҥэ, педагог үөрэтэр бырагыраамматын ис тутулун хааччыйар, ол туолуутугар федеральнай бюджеттан эбии убулээһин киирэн оборудованиятын, расходнай матырыйаалынылыытыгар көмө буолуохтаах. Бу бырайыак сүрүн суолтата эбии үөрэхтээһинматериально-техническэй сайдыытыгар олук буолуохтаах.Персонифицированнай үбүлээһин анал сайтыгар педагог тус бырагыраамматын ыйыыр. Оҕо төрөппүтүн кытары бу бырагыраммалары көрөн, үөрэтэн, бэйэтигэр сөптөөх куруһуогу талар уонна дуогабар туһэрсэр. Оччоҕо бу үөрэнээччигэ анал парольаах сертификат туттарыллар. Ол парольунан төрөппүт оҕото куруһуокка сылдьыытын сайтка киирэн хонтуруоллуур. Оҕо атын куруһуокка сылдьыан баҕарар буоллаҕына эрдэ сөбүлэҥ түһэрсибит бырагыраамматыгар киирэн аккаастыан сеп  уонна бу сертификатын туппутунан атын куруһуокка көһүөн сөп.

Быйылгы үөрэх дьылыттан Мэҥэ-Хаҥалас улууһа бу бырайыакка киирсэнүлэтин саҕалаата. Ол курдук оҕо техничэскэй дьоҕурун сайыннарар киинтэн 10 образовательнай бырагыраамма федеральнай бэрибиэркэни ааһан уопсайа 220 оҕону хапта.Ол курдук “Сатабыл” Балыктаахтаа5ы филиал, “Кузнечное дело” Төҥүлүтээ5и филиал, “Ракетомоделирование” ЦДЮТТ, “Автомоделирование” Төҥүлүтээ5и филиал, “Инженерная графика” Павловскайдаа5ы филиал, “Техническое моделирование” Дьабыыллаа5ы филиал, “Инженерная графика в программе компас 3Д” Майатаа5ы лицей, “Робототехника”акадеимк В.П.Ларионов аатынан Майа №1 оскуолата, “Радиоэлектроника” Бэдьимэтээ5и филиал, “Хочо-ТВ” Наахаратаа5ы филиал.

Хаһан баҕарар саҥа киирэр бырайыактар эриэ дэхси буолбаттар, үчүгэй да куһаҕан да өруттэр баар буолаллар. Персонифицированнай убулээһин үлэтин түмүгүн сүрүннээн сайт нөҥүө көрүллэр. Төрөппүт да, оҕо да иҥнибэккэ киирэн үлэлиирин интернет ресурса мөлтөҕө үлэ тэтимин хаачахтыыр. Ону таһынан тыа оскуолаларыгар оҕо ахсаана аҕыйах буолан оҕо былдьаһыкка сылдьара мэльдэҕэ суох. Ол эрээри, номнуо тумук баар диэн көрөбут. Оҕолор куруьуокка халбаҥнаабакка сылдьыылара бэлиэтэнэр.

Салҕыы бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ эбии үөрэхтээһин өттүгэр педагогтар икки ардыларгыгар конкуренция үрдүөҕэ диэн баҕарыллар.

Төхтүрдээҕи Киин директоры солбуйааччы Олесова Лидия Власьевна.

 

Просмотров: 1090
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Январь 2018  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 10
Гостей: 10
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009