|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2018 » Апрель » 9 » Педагогическай субуотунньук
10:40
Педагогическай субуотунньук

Быйыл Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар үөрэҕирии управлениятын салайыытынан, бары оскуолаларга учуутал уонна иитэччи таһымын үрдэтиигэ “Педагогическай маастарыстыба сыла“ диэн сонун тэрээһин биллэриллибитэ. Бу үлэ чэрчитинэн, муус устар 6-7 күннэригэр Балыктаах, Матта, Тарат, Дойду оскуолаларын учууталлара хардарыта ыалдьыттаһан, Балыктаах уонна Матта бөһүөлэктэригэр айаннаан тиийэн, анал бырагыраама оҥостон, үрдүк таһымнаах аһаҕас уруоктары, дьарыктары, маастар кылаастары бэрт интэриэһинэйдик ыыттылар. Уопсайа икки күн устата 37 уруогу, 7 уруок таhынан дьарыгы, 4 маастар кылааһы көрөн, бэйэ-бэйэни кытта уопут, санаа атастаһан, ырытыһан, аһаҕас кэпсэтии тэрилиннэ.

Бастакы күн ыалдьыттары Балыктаах оскуолатын коллектива үөрүүлээх линейкаҕа эҕэрдэ тылынан, “Ыллыкчаан», «Күнчээн» ырыа-үҥкүү ансаамбылларын толоруутугар эҕэрдэ нүөмэрдэринэн истиҥник көрүстүлэр. Күн аҥарыгар  аһаҕас уруоктары Дойду, Матта оскуолаларын учууталлара ыыттылар: Винокуров К.В., Лебедева П.Е.-Тарат оскуолатын учуутала, Птицына А.М., Стручкова Н.П.,Птицына А.М., Поскачина А.А., Федорова С.Г., Петухова Л.Н., Шергина Л.П., Игнатьева Д.Н., Григорьева П.И., Дьяконова М.Г., Стручкова М.Х., Петрова А.Н.,Аталларов Р.В., Данилов А.Л., Чемезова М.Г., Захарова Е.Н., Птицына А.М.

Эбиэт кэнниттэн эбии үөрэх дьарыктарын Стручкова Н.И. “Танцевальный фитнес» 3-4 кылаастарга, Гоголева С.П. “Эколята-защитники природы” 7 кылааска, Ченянова А.Н. “Работа пресс-центра “Куорсун” маастар кылааһы 8 кылааска, Михайлова В.А. “Фиксики” ритмиканы 1-2 кылаастарга, Гоголев В.Д. “Өбүгэ оонньуулара” 4 кылааска бэрт сэргэхтик ыыттылар.

Эппиэттээх күҥҥэ учууталлар, иитээччилэр аһаҕас уруоктары, дьарыктары, маастар кылаастары ырытыстылар, баҕа санааларын эттилэр. Педагог маастарыстыбата үрдүүрүгэр сайдыы суолларын уонна хайысхаларын тула киэҥ кэпсэтии та5ыста. Сыралаах үлэни «Күөн күрэс» дьыалабыай оонньуунан түмүктээтилэр. Бу оонньууга иитии-үөрэтии сытыы боппуруостарыгар хамаандалар утарыта туран, санааларын үллэһиннилэр, толкуйдатар тургутук ыйытыыларга эппиэттээтилэр, баар кыһалҕалары ырытыстылар, инники айымньылаах үлэлэрин тула ирэ-хоро кэпсэттилэр.  

Иккис күн Матта орто оскуолатын коллектива ыалдьыттары сылаас чэйинэн, минньигэс алаадьынан күндүлээн, күннээҕи бырагырааманы билиһиннэрдилэр. Аһаҕас уруоктары, дьарыктары, маастар кылаастары Балыктаах, Тарат оскуолаларын учууталлара Ноговицына Л.Н., Говорова А.Н., Цыпандина К.Н., Габышева Я.И., Габышева С.А., Винокурова Л.В.,Парфенова Е.Н., Софронов В.Г., Захарова М.Д., Молуков И.Н., Рожина А.Д., Сотникова Г.Д., Иванова К.Д., Сотникова Е.С., Кычкина И.В., Егоров Г.А., Стручкова Е.М., Мохначевскай И.И., Молукова С.С., Дьяконова М.А., Николаева Л.М., Шишигин И.Е., Кычкина Е.К., Калачева В.В. ыыттылар.

Эбиэт кэнниттэн нэһилиэк кулуубугар «Синяя птица» диэн оҕолорго аналлаах театральнай көрүү фестивалын кыттыылаахтара, Матта орто оскуолатын иккис, үһүс кылааһын үөрэнээччилэрэ «Күн туһунан үһүйээн» испиктээкили көрдөрдүлэр. Бу кытай норуотун туһунан айымньыны эбии дьарык учууталлара Григорьева П.И., Федорова С.Г., Саввина С.Г., Чемезова М.Г., Стручкова Н.П. туруорбуттар. Испиктээкили Дьокуускай куораттан «Үүнэр көлүөнэ” театрын режиссера Титигиров А.В.,  А.Е.Кулаковскай норуот айымньытын кииниттэн Адамова С.С., Саха театрын худуоhунньуга Дмитриева Д.П. үрдүктүк сыаналаатылар, сүбэ-ама биэрдилэр. Бу туруорууга күүс-көмө буолан, оҕолорго кыраһыабыай көстүүмнэри тикпит төрөппүттэргэ уонна сыана декорациятыгар үлэлээбит педагогтарга истиҥ тыллары эттилэр.

«Педагогическай субуотунньук» икки күннээ5и үлэтин түмүгүнэн улахан мунньах тэрилиннэ. Онно аһаҕас уруоктары, дьарыктары ырытыыга истиҥ кэпсэтии буолла. Инникитин бу үлэ хайысхата хайдах тэриллиэн сөптөөҕүн  туһунан этиилэр киирдилэр. Мунньаҕы икки оскуола администрациятын салайааччылара үрдүк тэрээһиннээхтик иилээн-саҕалаан ыыттылар: Находкина А.Т. (Матта оскуолатын директора), Павлова М.Г. (дир.үөрэх чааһыгар солбуйааччы), Мохначевская А.М. (Балыктаах орто оскуолатыгар дир.үөрэх чааһыгар солбуйааччы), Осипова Н.М. (дир. иитэр үлэҕэ солбуйааччы). Онон “Педагогическай субуотунньукка” кыттыбыт хас биирдии педагог сүргэтэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн, долгуйан элбэххэ үөрэннэ. Кинилэр билиилэрин-көрүүлэрин үллэстэн, баай уопуттарын атастаһан, саҥа арыйыылары айымньылаах үлэлэригэр туһанар баҕа санаалаах тарҕастылар.

Просмотров: 1004
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Апрель 2018  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 10
Гостей: 10
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009