|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2022 » Ноябрь » 29 » Павловскай оскуолатыгар Өксөкүлээх ааҕыылара
12:07
Павловскай оскуолатыгар Өксөкүлээх ааҕыылара

Биһиги оскуолабыт иһинэн Өксөкүлээх лабораторията үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Оскуолабытыгар ыытыллар үлэлэр барыта Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларыгар, философиятыгар, научнай көрүүлэригэр, чинчийиилэригэр, суруктарыгар, тус олоҕор сыһыары тутан, тирэҕирэн ыытыллаллар.

Сэтинньи 25 күнүгэр оскуолабытыгар Өксөкүлээх ааҕыылара буолан аастылар.

Бу тэрээһин туһунан лаборатория салайааччыта, Өксөкүлээх ааҕыыларын тэрийээччи Пудова Светлана Дмитриевна кэпсиир: - Быйыл А.Е.Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй 145 сааһа, онон бу тэрээһин ыытыллыбыта тоҕоостоох. Араас хабааннах тэрээһиннэри тэрийэн ыыттыбыт. Ол курдук, XX уонна XXI үйэ чахчылара А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» поэматыгар» куолу-сэһэргэһиини тэрийэн ыытта - саха тылын уонна литературатын учуутала Лия Дмитриевна Петрова. Бу сэһэргэһиигэ бас-көс дьоммут, нэһилиэкпит аҕа баһылыга Федоров Н.Г., аҕа сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Петров К.К., юрист идэлээх Петров С.П. кыттыыны ыллылар. Маны таһынан, “Туостарынан айан” квест оонньуу, “Кылаас салайааччыта - түсчүт” кылаас салайааччыларыгар аналлаах ааҕыылар, “Аман өс” араатардар күрэхтэрэ, дьиэ кэргэнинэн математика олимпиадата, Саха Республикатыгар Ийэ сылын чэрчитинэн «Хоһоон хонуута» литературнай салон, уруһуйга маастар кылаас, туристическай маршруттар уонна саахымат күрэхтэрэ тэриллэн ыытылыннылар. Кэлэр ааҕыылар элбэх кыттааччыны түмэллэрэ буоллар диэн баҕа санаабын этэбин.

«Мөккүөр түһүлгэтэ» күрэх туһунан, Майатааҕы лицей 11 кылаас үөрэнээччилэрэ Григорьева Дарина, Никитина Люба санааларын үллэстэллэр: - Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха интэлигиэнсийэтигэр сурук” айымньытын тула кэпсэтиһии, “мөккүөр” түһүлгэтэ бэрт сэргэхтик ааста. Бу маннык күрэхтэр ыытыллаллара олус наадалаах дии саныыбыт. Бэйэ санаатын сааһылаан саҥарарга үөрэнэр эбиккин. Оҕолор бары бэлэмнээх кэлбиттэр, элбэҕи аахпыттар, ырыппыттар.

Саргылана Дмитриевна Плотникова, Төҥүлү орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала бүгүҥҥү тэрээһин туһунан бу курдук суруйар: - Бүгүн Мэҥэ-Хаҥалас Павловскай оскуолатыгар айар тыл аҕата А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар аналлаах үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥэ сылдьан, үөрэн-астынан кэллибит. Оскуола учууталлара бука бары ситимнээхтик, биир сүбэнэн тэринэн үлэлииллэрэ көстөр. Хас да хайысханан арахсан, олус интириэһинэй ис хоһоонноох түмсүүлэр, күрэхтэр буолан аастылар. "Ойуун түүлэ" айымньы тула куолу-сэһэргэһиигэ сырыттым. Улуу киһибит хаан-сыдьаан хос-хос сиэнин тылын-өһүн, үлэтин-хамнаһын сэргээн көрдүм-иһиттим. Нэһилиэк бас-көс дьоно туора туран хаалбакка кыттыбыттара эмиэ хайҕаллаах. Биһиги оскуолаттан араас күрэххэ кыттыбыт оҕолорбут эмиэ олус сэргээбиттэрин туһунан санааларын истэн үөрдүм. Ыытыллыбыт күрэхтэр ис хоһоонноро киэҥ, оҕо болҕомтотун тардар ис хоһоонноохторо олус үчүгэй. Бука бары тэрийээччилэргэ, биир идэлээхтэрбэр махталбын тиэрдэбин. Айар үлэҕит өссө да сайда, кэҥии турдун!

Валерия Барабанова, Оксана Петрова, Павловскай орто оскуолатын пресс-киинэ.

 

С.П. Барашков аатынан Хачыкаат орто оскуолата

"Кулаковскай ааҕыылара – Павловскай орто оскуолатыгар"

2022 сыл – Саха сиригэр бэлиэ сыл. Россияҕа норуот айымьытын уонна культурнай нэhилиэстибэ, Саха сиригэр автономнай республика төрүттэммитэ 100, Саха республикатыгар Ийэ, Үөрэҕирии эйгэтигэр Литературнай ааҕыы сылынан биллэриллибитэ. Бары үөрэх тэрилтэлэригэр иитэр суолталаах элбэх тэрээhиннэр былааннахтык ыытыллаллар.

Быйыл саха литературатын төрүттээччи А.Е.Кулаковскай төрөөбүтэ 145 сылын бэлиэтээтибит. Бу сыл ыам ыйын 25-26 күннэригэр Хачыкаат нэhилиэгэр «А.Е. Кулаковскай – Саха сирин духовнай лидерэ» диэн республиканскай симпозиум буолан ааспыта. Манна Кулаковскай нэhилиэстибэтин үөрэтэр-чинчийэр, үүнэр көлүөнэҕэ тириэрдэр сыалтан 5 сыллаах былаан ылыныллыбыта. Бу манан сиэттэрэн С.П. Барашков аатынан Хачыкаат орто оскуолата уонна В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолата бииргэ үлэлэhэргэ санааларын эппиттэрэ.

Ол курдук сэтинньи 25 күнүгэр Хачыкаат оскуолатын учууталлара Павловскай оскуолатыгар «Кулаковскай ааҕыылара» тэрээhиңңэ кыттан, уопут атастаhан кэллибит. Федорова Анастасия Васильевна, английскай тыл учуутала, «Кылаас салайааччыта - түсчүт» күрэххэ кыттан 2 үрдэлгэ тигистэ. Кини оскуола иhинэн үлэлэтэр «Саныыбыт! Билэбит! Киэн туттабыт!» виртуальнай музейын туhунан кэпсээн дьүүллүүр сүбэ, учууталлар сэңээриилэрин ылла. Кылаас салайааччылара Кулаковскай айымньыларынан бырайыак оңорон үлэлииллэрин астына көрдө.

Диодорова Мотрена Васильевна, уруhуй уонна технология учуутала, «Кыраhыабай кыыс» уруhуй маастар кылааhыгар уонна «Туристическай маршрут» күрэххэ сылдьан оҕолор бырайыактарын сөҕө-махтайа көрдө. Оҕолор төрөппүттэрин кытта табыгастаах маршрут оңороллор уонна нэhилиэктэрин бэлиэ сирдэрин үөрэтэн бэйэлэрин историяларын үөрэтэллэрин сэңээрдэ.

Тимофеев Айтал Федорович, история учуутала, «Сахалыы дебатка» эксперт быhыытынан кытынна. Оҕолор төрөөбүт тылларынан «Письмо якутской интеллигенции» суруйууну ыраталларын, санааларын аhаҕастык этэллэрин бэлиэтээтэ.

Иванов Спиридон Константинович, технология учуутала, саахымат күрэҕэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтэ. Оҕолор оонньуур таhымнара, дьулуурдара үрдүгүн сөҕө көрдө.

Киприянова Юлия Юрьевна, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы, «Ойуун түүлэ» поэма тула куолу-сэhэргэhиигэ кытынна. А.Е. Кулаковскай Аан дойду сэриитин уонна норуоттар сыhыаннарын көрдөрбүт проблемата билигин да олохпут тирээн турар cүрүн кыhалҕата буоларын ыйдылар. Нэhилиэк баhылыга, оскуола директора, предминиматель, юрист идэлээх дьон кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх. А.Е. Кулаковскай хос сиэнэ Анастасия Дарбасова кэлэн кыттыбыта тэрээhин суолтатын үрдэттэ.

Онон «Кулаковскай ааҕыылара» олус дириң иитэр-үөрэтэр суолталаах тэрээhиннэ сылдьан, Павловскай оскуолатын баай уопутун илэ көрөн, билсэн кэлбиппитиннэн астынныбыт. Павловскай оскуолатын директорыгар Петров Валерий Валериевичка, иллээх-эйэлээх коллективка, «Кулаковскай лабораториятын» салайааччытыгар Пудова Светлана Дмитриевнаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Просмотров: 363
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Ноябрь 2022  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009