|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2022 » Ноябрь » 29 » Олоҥхо оҕо уһуйааныгар
17:32
Олоҥхо оҕо уһуйааныгар

Сэтинньи ый 29 күнүгэр Төхтүрдээҕи "Мичил" оҕону сайыннарар киин 50 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, улуус иитээччилэрин олоҥхо алыптаах эйгэтигэр улууспут 15 уһуйааннарыттан 27 ыалдьыты түмтэ.

Бүгүн мустубут дьон педагогическай коллектив айымньылаах үлэтин кытта билистилэр, элбэххэ үөрэннилэр. Ол курдук олоҥхо маастар - педагога Верховцева А.Н. олоҥхону оҕоҕо кыра сааһыттан хайдах ньымаларынан уһуйуохха сөбүн, бэйэтин элбэх сыллаах үлэтин кистэлэҥнэрин үллэһиннэ. Иитээччи Шарина М.А. детсад саастаах оҕолорго чинчийэр үлэни ыытыыны, доклад, бырайыак суруттарыы туһунан сиһилии кэпсээн эдэр педагогтар болҕомтолорун тарта. Уһуйаан учуутал-логопеда Григорьева С.В. олоҥхону оҕолорго билиһиннэрэргэ туттуохха сөптөөх хамсаныылаах оонньуулары ыытан мустубут дьону сэргэхситтэ.

Салгыы иитээччилэр Баишева А.И. уонна Сергучева М.В. "Толкуйдаа, оонньоо, биһирээ" диэн биир этиинэн түмэн, элбэх сахалыы дидактическай оонньуулары көрдөрөн, иитээччилэр оонньоон үөрэнэн сэргээтилэр. Опыттаах педагог Олесова Т.Е. мустубут иитээччилэргэ туоһунан олоҥхо персонажтарын оҥотторон бэлэх биэрэн ыытта. Аныгы кэм сиэринэн, иитээччи Холмогорова М.К. олоҥхо бухатыырдарын лего конструкторынан оҥорон, компьютер нөҥүө хамсатан, охсуһуннартаан көрдөрдө, педагогтары араас легонан бэйэлэрин үлэлэтэн истибиттэрин-көрбүттэрин чиҥэттилэр. Эдэр педагог Колосова Л.Н. оҕо тылын сайыннарарга тарбах былчыҥнарын илиинэн үлэ нөҥүө сайыннарары кэпсээтэ, мустубут иитээччилэр эмиэ бэйэлэрэ тутан-хабан оҥордулар, оонньоон көрдүлэр. Музыкальнай салайааччы Пермякова Р.Н. оҕону кэрэ эйгэтигэр киллэрэн, олоҥхону музыкаҕа сыһыаран билиһиннэриини кэпсээтэ. "Олоҥхо - оҕо хараҕынан", олоҥхону араас ньыманан уруһуйдаан, оҕо айар дьоҕурун сайыннарыы тула кэпсээтэ иитээччи Афанасьева М.Н.

Тэрээһини барытын олоҥхо ситимнээтэ. Уһуйаан элбэх сыллаах айымнылаах үлэтэ биир ситимнээх буолбута оҕолор сайдан тахсалларыгар улахан суолталааҕын кэлбит ыалдьыттар бэлиэтээтилэр.

Ларионова М.Н., ИМО кыл.специалиһа

 

Просмотров: 538
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Ноябрь 2022  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009