|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2018 » Декабрь » 3 » Олоҥхо кэрэтинэн иитии
09:49
Олоҥхо кэрэтинэн иитии

“Кэрэли” улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр олоҥхо дэкээдэтин иитинэн олоҥхо күнүгэр анаммыт тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста.

Саха сиэринэн алаадьы астаан, сыт таһааран, кэлбит ыалдьыттары, оҕолору киин үлэһиттэрэ алаадьынан күндүлээтилэр. Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин “Дьулусхан” фольклор куруһуогун салайааччыта Светлана Никитина сахалыы сиэринэн алгыһынан тэрээһини арыйда. В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 9 “Б” кылааһын үөрэнээччитэ, Анастасия Слепцова салайааччылаах “Айылгы” фольклорнай куруһуок иитиллээччитэ Дайаана Попова тойугунан ситэрэн-хоторон биэрдэ. “Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин киин салайааччыта Марианна Билюкина киирии тылыгар ханнык баҕарар уопсастыба төрүт култууратыгар уонна норуот педагогикатыгар олоҕуран, ситиһиилээх киһини иитэр. Үүнэр көлүөнэ төрөөбүт култууратыгар тирэҕирэн, киһи аймах сыаннастарын өйдүүр, ытыктыыр буола улаатарыгар норуот педагогиката олук уурар диэн педагогтарга, төрөппүттэргэ уонна оҕолорго туһаайан эттэ. Олоҥхо педагогикатынан үлэлиир Тарат сүрүн үөрэхтээһин кыһатын педагога Прасковья Лебедева ыалдьыттаан, олоҥхо-саха киһитэ өйдүүр өйүн сүмэтэ, саныыр санаатын саргыта, уус тылын сүөгэйэ, кута-сүрэ, сиэрэ-туома олоччу түмүллүбүт сүдү айымньыта буолар диэтэ. Ол сиэринэн, аныгы, уларыйа турар, глобализация күүскэ киирэр кэмигэр олоҥхону араас өттүттэн көрөн, чинчийэн, наардаан аныгы оҕону иитэр систиэмэ оҥорор мүччүрүйбэт сорук турарын эттэ.

“Айылгы” фольклор куруһуогун иитиллээччилэрэ, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 6 “Б” кылааһын үөрэнээччилэрэ П.А.Слепцов-Ойуунускай “Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардан иһитиннэрдилэр. Онтон 9 “Б” кылаас үөрэнээччилэрэ Петр Игнатьев “Кулан Кыыртай бухатыыр” олоҥхону толордулар. Олоҥхо дьиэтин фольклорга исписэлииһэ Айта Васильева ыалдьыттаан Петр Игнатьев “Кулгааҕын харатынан куотан көстөр кукаакы кугас аттаах Кулан Кыыртай бухатыыр” олоҥхо толоруутун маастарыстыбатын көрдөрбүтүн мустубут дьон биир тыынынан истэн сэргээтибит.

Бу күн “Героический эпос-Олоҥхо глазами детей” диэн ааттаммыт улуустааҕы оҕолор уруһуйдарын күрэҕэ түмүктэннэ. Барыта 14 оскуолаттан 105 оҕо уруһуйунан кытынна. Күрэх түмүгүнэн 9 лауреат, 23 дипломант быһаарылынна. “Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” улуустааҕы өйтөн суруйуу күрэҕэр 12 оскуолаттан 60 оҕо өйтөн суруйууга кыттыбытыттан 10 лауерат, 12 дипломант сыаналанна. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт хас биирдии оҕо, улахан киһи сахалыы тыыны иҥэринэн, олоҥхо алыптаах эйгэтин кытары алтыһан аастылар.

Зоя Герасимова

 

Просмотров: 939
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Декабрь 2018  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009