Саллар саас тухары олоҥхо
Саханы үрдэтиэ олоҥхо:
Кэс тылбыт кэскилин көрдөрүө,
Кэхтибэт кэрэтин сөхтөрүө.
Күннүк Уурастыырап.
2006 сылаахха Саха республикатын президенин Вячеслав Анатольевич Штыров уурааҕынан сэтинньи ый 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ. ЮНЕСКО туох – ханнык иннинэ олоҥхону аан дойду култууратын шедеврын быһыытынан үйэтитэри, харыстыыры, киэҥ эйгэҕэ таһаарары ирдиир, уонна аан дойду култууратын шедевринэн билиммитэ.
Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буолар.
Сэтинньи 27 күнүгэр “Кэрэли” улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн олоҥхо күнүгэр анаммыт тэрээһин буолан ааста. Саха сиэринэн алаадьы астаан, сыт таһааран, кэлбит ыалдьыттары, оҕолору киин үлэһиттэрэ алаадьынан күндүлээтилэр. Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин “Айылгы” фольклор куруһуогун салайааччыта Анастасия Слепцова сахалыы сиэринэн алгыһынан тэрээһини арыйда, куруһуокка дьарыктанар оҕолор олонхолоон, хомустаан ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Бу күн үөрүүлээх түһүлгэбит ыалдьыттара, улуустааҕы Күн чөмчүүк мода күрэҕин кыайыылаахтара, Моорук орто оскуолатын Оһуор куруһуок иитиллээччилэрэ, салайааччы Егорова Туяра Дмитриевна буоллулар. Норуот күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ – тылыгар диэн этэллэр. Тыл бары бастыҥа, сүмэтэ фольклорга, олоҥхоҕо баар диэн тылларынан бүгүҥҥү тэрээһини уопсай хомуһунан түмүктээтибит. Улууска биллэриллибит “Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” оҕолор улуустааҕы өйтөн суруйуу, Н.И.Степанов - Ноорой "Күн Эрили" олонхотуттан "Якутский героический эпос-Олонхо глазами детей" уруһуй куонкурус түмүктэрэ таҕыста.
“Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” оҕолор улуустааҕы өйтөн суруйуу күрэхтэрин түмүгэ. (ТҮМҮК)
Барыта: 9 оскуолаттан 58 оҕо өйтөн суруйууга кытынна.
Н.И.Степанов -Ноорой "Күн Эрили" олонхотуттан "Якутский героический эпос-Олонхо глазами детей"
уруһуй куонкурсун түмүгэ. (ТҮМҮК)
Барыта: кыра бөлөххө-59, орто бөлөххө-62, улахан бөлөххө-13 үлэ киирдэ.
Бары кыттыбыт оҕолор сертификатынан, кыайыылаахтар дипломнарынан наҕараадаланнылар.
|