2019 с. кулун тутар 1 күнүгэр Майа сэл. “Кыталык” оҕо эстетическай Киинигэр сылын аайы ыытыллар "Олоҥхо дойдутун оҕотобун-2019" - олоҥхону эдэр толорооччулар улуустааҕы күрэхтэрэ ыытылынна. Тэрийээччилэр улуустааҕы Үөрэҕирии салалтата, “Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин Киинэ. Барыта 50-чэ оҕо кытынна, 4 оскуолаттан, 12 олоҥхо толорулунна. Олоҥхону биирдиилээн да бөлөҕүнэн да толордулар.
Күрэх сыаланан – соругунан буолла: Саха норуотун эпоһын олоҥхону харыстааһын уонна үйэтитии, оҕоҕо тиэрдии, тылынан толоруу искусствотын пропагандалааһын уонна сайыннарыы.
Күрэх ирдэбилинэн буолла - былыргы олоҕурбут (традиционнай) ньыманан толоруу, көрөөччү-истээччи болҕомтотун тардыы, олоҥхо ырыатын-тойугун араастарын туһаныы, баай-тыла, таҥаһа-саба, тутта-хапта сылдьыыта.
Күрэх түмүгүнэн:
- Кыайыылаах Гран-при аата иҥэрилиннэ Жиркова Жаннаҕа, Майа В.П.Ларионов аатынан оскуола 8 кыл. үөрэнээччитигэр В. Каратаев "Модун Эр соҕотох"олонхонон, сал.Слепцова А.И.
Лауреаттар
- Фольклорнай бөлөх "Дьиэрэтии" Майа В.П.Ларионов аатынан оскуола 6 кылааһа – олоҥхо П.Игнатьев "Кулан Кыыртай бухатыыр", рук.Слепцова А.И.
- Петрова Диана Тарат уопсай сүрүн үөрэхтээһин оскуолата – олоҥхо П.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур», сал. Соловьева А.А.
- Максимова Сайаана, уопсай сүрүн үөрэхтээһин оскуолата – олоҥхо В.Каратаев “Модун Эр Соҕотох”, сал. Соловьева А.А.
Дипломаннар
- Фольклорнай бөлөх 6 "б" кылаас Майа В.П.Ларионов аатынан оскуола "Ньургун Боотур олоҥхоттон быһа тардыы", сал. Слепцова А.И.
- Фольклорнай бөлөх, Алтан коррекционнай оскуола, С.Васильев - Борогонскай "Лөҥкөлөн Боотур", сал. Петрова В.П.
- Фольклорнай бөлөх 3 кылаас Алтан орто оскуолата-Автор Антонина Неустроева олоҥхото "Ородьумаан бухатыыр", сал. Петрова В.П.
- Попова Дайаана, 9 кылаас Майа В.П.Ларионов аатынан оскуола, олоҥхо П. Игнатьев "Кулан Кыыртай бухатыыр", сал. Слепцова А.И.
- Фольклорнай бөлөх "Саһарҕа"Тарат уопсай сүрүн үөрэхтээһин оскуолата – олоҥхо С.Васильев «Эрчимэн Бэргэн», сал.Соловьева А.А.
- Фольклорнай бөлөх "Ноорой сиэттэрэ" Догдоҥо уопсай сүрүн үөрэхтээһин оскуолата – олоҥхо П.Решетников -"Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр", сал. Иванова Э.К.
Баишева Е.С., “Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин Киинин педагога
|