Сэтинньи 25 күнэ – Улуу Олоҥхобут Аар Саарга аатырбыт кэрэ-бэлиэ күнэ. Улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениета, И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин библиотека, “Олоҥхо дьиэтэ”, улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ тэрийиилэринэн, уус-уран тыл муҥутуур чыпчаала-Олоҥхо дэкээдэтэ саҕаланан ахсынньы 7 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.
Улууска олоҥхоҕо анаммыт үгүс тэрээһин күн ахсын ыытыллар. Оҕо олоҥхотун истии киэһэтэ Р.Г. Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр музейга тэрилиннэ. Оҕо олоҥхотун истии киэһэтигэр Майатааҕы Мичил оҕо саадыттан Евдокия Петровна Иванова уһуйар кырачаан олоҥхоһуттар, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыттан Ульяна Максимовна Ефремова, оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагога Анастасия Ивановна Слепцова дьарыктыыр эдэр олоҥхоһуттара ону тэҥэ биир дойдулаахпыт, киэҥ тутта ааттыыр олоҥхоһуппут Н.И.Степанов-Ноорой төрөппүт сиэнэ “Олоҥхо дьиэтин” фольклорга исписэлииһэ Аксинья Степанова олоҥхолору толордулар. Оҕолор олоҥхону толорор таһымнарын кэлбит ыалдьыттар, тэрийээччилэр, төрөппүттэр сыаналаатылар.
Зоя Герасимова.
|