2019 сыл алтынньы 24 күнүгэр Маттатааҕы «Ньургуһун» оҕо саадын иитээччитэ Протодьяконова И.В. “Оҕону оонньуу нөҥүө сайыннарыы” авторскай семинара буолла.
Семинар саҕаланыытыгар «Оҕо саас ыллыгынан» түһүлгэтигэр экскурсия, быыстапканы көрүү тэрилиннэ. Маттатааҕы *Ньургуһун* детсадка араас кэмҥэ үлэлээбит ветераннар семинар аһыллытын бэйэлэрин үҥкүүлэринэн кэлэн киэргэттилэр, эҕэрдэлэрин эттилэр.
«Кэрэхсэбил түһүлгэтигэр» иитээччи Протодьяконова И.В. авторскай оонньууларынан оҕолор дуоһуйа оонньообуттарын мустубут дьон кэрэхсии көрдө. Ордук болҕомтону уол оҕо оонньуур эйгэтигэр уурулларын бэлиэтээһин буолла.
Бөлөҕүнэн оҕо сайдар, оонньуур эйгэтин тэрийиини бүтүн детсад барыта кыайа – хото тутарын, манна детсад салайааччыта, иитээччилэр, төрөппуттэр бары биир сомоҕо буолан үлэлээбиттэрэ киһи хараҕар быраҕылларын бары бэлиэтээтибит.
Оскуола уонна детсад биир ситиминэн үлэлиилэрин туоһутунан алын сүһүөх, физкультура, технология учууталлара, оскуола директоры иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччыта бары кэлэн араас оонньуулары ыытан, кэпсээн барбыттара буолла.
Бу семинартан төрөппүттэр да туора турбатахтар, ол курдук ордук сэҥээриини араас сахалыы инструменнары оҥорор эдэр төрөппүт Ченянов Дмитрий Павлович кэлэн уолунаан Сарыаллыын кырыымпаҕа оонньообуттара ылла.
Семинар түмүгэр, бары мустубут 35 педагогтар авторскай семинар ыыппыт иитээччигэ Индигира Витальевнаҕа сыралаах үлэтин биир кэрдиис кэмин түмэн дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарбытынан эҕэрдэлээн, ситиһиини баҕаран тарҕастылар.
Маттатааҕы «Ньургуһун» оҕо саада
|