Ахсынньы 4-5-с күннэригэр К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолатыгар «Оҕо, ыччат сайдар эйгэтин тэрийии Эркээйитэ» семинар ыытыллынна. Бу семинар 1995 сылтан билигин да үлэлии турар «Эркээйи» бырагыраамма салгыытын кытта билиһиннэрии, уопут атастаһыы быһыытынан ыытыллынна. 1992 сыллаахха Оҕо общественнай уонна пионерскай тэрилтэлэрин Сойууһун (бэрэссэдээтэл Барашкова Н.А.) көҕүлээһининэн, уйулҕа билимин доктора А.П.Оконешникова салайыытынан саӊалыы ис хоһоонноох, оҕону норуот култууратыгар уһуйуу бырагырааммата – «Эркээйи» оҕону, ыччаты норуот педагогикатыгар, култууратыгар тирэҕирэн иитии, үөрэтии, сайыннарыы эркээйитэ суруллубута. 1995 сыллаахха сэтинньи 28 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин правительствотын уурааҕынан «Эркээйи» иитии үлэтин бырагыраамматын быһыытынан ылыллыбыта.
Саӊардыллыбыт «Эркээйи» бырагыраамманы ааптар, салайааччы Ильина Т.М., п.н.к Чехордуна Е.П. билиһиннэрдилэр. «Эркээйи - 2» бырагыраамма 21 үйэ хардыытыгар олоҕуран, саӊалыы ситэрилиннэ. Бырагыраамма аата уларытыллан «Оҕо, ыччат тус бэйэтин сайыннарар эйгэтин эркээйитэ» («Эркээйи - 2») диэн буолбут. Оскуолаҕа, оҕо уһуйааныгар, дьиэ кэргэӊӊэ, түөлбэҕэ оҕону иитии-дьаһайыы үлэтин оннугар уһуйуу, сайыннарыы, сатабылланыы үлэтэ былааннаахтык ыытыллыахтаах. Уларытыы сүрүн ис хоһооно оҕо, эдэр ыччат кыра сааһыттан бэйэтин билинэр, сайыннарынар, ис кыаҕын арына сатыыр, олоххо, дьону кытта сыһыаӊӊа сатабылланар, ырытынар-көннөрүнэр, эппиэтинэстээх буоларга уһуйуллар. Саӊардыллыбыт «Эркээйи» («Эркээйи-2») кэнники сылларга РФ, СӨ тахсыбыт сокуоннарыгар, уураахтарыгар, концепцияларыгар тирэҕирэр, «РФ 2025 сылга дылы иитии үлэтин сайыннарыы стратегиятын» олоххо киллэрэргэ ананар, 2028-2030 сс. диэри туттуллуон сөп.
Бастакы күӊӊэ нэһилиэк баһылыктара Слепцов А,Е., Игнатьев А.Н., улуустааҕы үөрэх салалтатыттан Варламова Н.А., Луковцева А.Р., общественность, оскуола, детсад үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар. Оскуола алын кылааһын учууталлара Осипова Л.Е., Никифорова Р.А., «Сэргэлээх» оскуола-лабораторияттан Аржакова А.И., Шишигина А.С аһаҕас уруоктары ыыттылар. Ыытыллыбыт уруоктары ырытыы, санаа атастаһыыта буолла.
Иккис күӊӊэ музейнай комплекска Чехордуна Е.П. «Оҕону, ыччаты норуот үгэһигэр олоҕуран сайыннарыы эйгэтин тэрийии», «Детсад үлэтин саӊардыы оӊкула», Павловскай, Тыыллыма орто оскуолатын учууталлара үлэлэрин уопутун кэпсээтилэр - Егорова Е.П. «Иитэр үлэни үгэс эргииринэн тэрийии», Карпова Н.П. «Эбии үөрэх тэрилтэлэрэ оҕо айылҕаттан айдарыгын сайыннарыыга, ийэ дойдутугар бэриниилээх буолууга бэлэмнээһиннэрэ» диэн иһитиннэриилэри оӊордулар.
Маны таһынан, оскуола оҕолоро «Билиӊӊи кэм геройа» диэн ток-шоулара сэӊээриини ылла. Бүтэйдээх орто оскуолатын учууталлара «Оҕону чинчийэр, бэйэтин сайыннарар дьарыкка сыһыарыы» диэн иһитиннэрии оӊордулар.
Икки күннээх үлэ түмүгүнэн, семинар кыттааччылара «Эркээйи- 2» саӊардыллыбыт бырагыраамманы олоххо киирэрэ тоҕоостооҕунан аахтылар.
Бүтэйдээх орто оскуолата
|