Олунньу 6 күнүгэр Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар Майа уонна Хара нэһилиэктэрин оскуолаларын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэригэр анаан олус интэриэһинэй уонна туһалаах тэрээһин буолла!
Ил Түмэн Государственнай мунньах депутата, Ил Түмэн социальнай политикаҕа солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ уонна "Норуот Фронтун" Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Паньков Дмитрий Александрович уонна ПАО "Промсвязьбанк" региональнай директора Клюско Людмила Николаевна ыалдьыттаатылар.
Дмитрий Александрович оҕолорго "Норуот Фронтун" Саха сиринээҕи салаатын үлэтин, Аҕа дойду историятын, геройдуу быһыылары, патриотизм туһунан кэпсээн сырдатта уонна билигин дойдубут инникитин туһугар хайдах үлэлиэххэ, олоруохха сөптөөҕүн сүбэлээтэ.
Людмила Николаевна "Финансовай грамотность төрүттэрэ" диэн, оҕолорго үөрэтэр, билиини сайыннарар лекцияны ыытта. Үөрэнээччилэр харчыны хайдах сөпкө туһанарга, финансовай сыһыаннаһыыларга хайдах сэрэхтээх хайдах буоларга наадалаах информациялары иһиттилэр.
Бу тэрээһин оҕолорго патриотическай тыыны иҥэрэргэ, финансовай билиилээх буоларга олус туһалаах буоллулар.
"Норуот Фронтун" уонна ПАО "Промсвязьбанк" спикердэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!






|