Сэтинньи ый 30 күнүгэр Майатааҕы оҕо киин библиотекатыгар Сыымах нэһилиэгин “Кэскил” уһуйаан иитээччитин Попова М.П. – Мусьяна Сосина кыра оҕолорго суруйбут хоһоонун хомуурунньугун “Бичик” национальнай кинигэ кыһата бэчээттээн таһаарбытын сүрэхтэниитэ буолла.
“Мин дьыссааппын ахтабын” төрөппүт оҕотугар ааҕарыгар аналлаах тэттик кинигэҕэ оҕо тулалыыр эйгэтэ, күннээҕи түбүгэ хоһоон тылынан ойууланар. Хоһооннор кырачааҥҥа чугас дьонугар, дьиэтигэр-уотугар, дойдутун айылҕатыгар, кыылыгар-сүөлүгэр тапталы иитэр суолталаахтар. Бу кинигэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго ананар.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр дьоһун дьон кэлэн ыалдьыттан, ааптарга Мусьяна Сосинаҕа бэйэлэрин алгыс тылларын анаатылар, сүбэ-ама биэрдилэр. Ол курдук Народнай поэт, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруналыыс Наталья Ивановна Харлампьева оҕо суруйааччылара Саха сиригэр эрэ буотах бүтүн Россияҕа аҕыйахтар диэн бэлиэтээтэ уонна Мусьяна Сосина хоһоонноро ураты, боростуой курдук гынан баран дириҥ ис хоһооннох тыллааҕын бэлиэтээтэ, удьуор талааннаах дьон сыдьааннара буоларын манна кэлэн кэрэхсии истибитин эттэ. Саха норуодунай суруйааччыта, литератураны ырытааччы Семен Андреевич Попов - Сэмэн Тумат бастакы кинигэ тахсыыта үөрүүлээх, долгутуулаах эрээри, олус эппиэтинэстээх диэн бэлиэтээтэ, уонна Мусьяна Сосина хоһооннору эрэ буолбакка литература араас көрүҥүгэр бэйэтин холоноругар сүбэлээтэ.
Ону сэргэ бэйэлэрин кэс тылларын, эҕэрдэлэрин эттилэр “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун салалтатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы поэт Гаврил Гаврильевич Андросов, “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын методист-редактора, биир дойдулаахпыт, кинигэ тахсарыгар быһаччы үлэлэспит Марина Георгиевна Никифорова, улуус детсадтарын салайааччылара, аймах-билэ дьоно.
|