|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2023 » Март » 13 » «Моя профессия – ИТ-2023» Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх улуустааҕы түһүмэҕэ
11:45
«Моя профессия – ИТ-2023» Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх улуустааҕы түһүмэҕэ

Кулун тутар 10-11 күннэригэр Р.И. Брызгалов аатынан Транспортнай техникум кыһатыгар VIII төгүлүн ыытыллар «Моя профессия – ИТ 2023» Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс улуустааҕы түһүмэҕэ буолан ааста.

Бу күрэх Саха сиригэр эрэ буолбакка бүтүн Арассыыйаҕа кэлэр кэнчээри ыччакка информационнай технология эйгэтигэр (ИТ сфера) саамай улахан хабааннаах тэрээһин буоларынан биллэр. Ону таһынан Саха сирин үрдүнэн маныаха майгынныыр тэрээһин суох. Маннык ИТ эйгэтигэр сыһыаннаах тэрээһиннэр бүтүн государстволары, бизнес, үөрэх, билим уонна да атын холбоһуктары түмэр кыахтаах.

Ол иһин бу күрэх оҕо уонна ыччат ИТ эйгэтигэр идэни таба таларыгар уонна дойдубутугар ИТ эйгэтин сайыннарыы сыаллааах-соруктаах ыытыллар.

Быйылгы күрэххэ улууспут 12 үөрэх кыһаларыттан 51 үөрэнээччи кыттыыны ылла. Ол курдук, Хаптаҕай, Балыктаах, Тыыллыма, Төҥүлү, Бүтэйдээх, Павловскай, Аллараа Бэстээх оскуолаларыттан, Майатааҕы лицейтэн, В.П. Ларионов уонна Ф.Г. Охлопков аатынан Майатааҕы оскуолалартан кытыннылар. Ону таһынан Дьокуускай куорат “Центр Глобального Образования” гимназиятыттан экспертар, трекер-ментордар үлэлээтилэр.

Улуус сүрүн тэрийээччитинэн буолар И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей. Онтон партнердарынан улуустааҕы Бизнес-инкубатор хампаанньата уонна Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйын аатынан «Кэскил оҕо хаһыата буолаллар.

Бастакы күн үөрүүлээх тэрээһин видео нөҥүө эҕэрдэ тыллартан саҕаланна. Ол курдук, СӨ Ил Дархана – Айсен Сергеевич, СӨ Инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология салайааччыта Семенов Анатолий Аскалонович, Саха сирин үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин салайааччыта Любимова Ирина Павловна уонна СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларын салайааччыта Шамаев Петр Витальевич эҕэрдэ видеоларын көрдүбүт.

Ону таһынан улууспут үөрэҕириитин салалтатын салайааччыта Никифоров Николай Лукич уонна бочуоттаах ыалдьыттар аан тылларыттан тэрээһин үөрүүлээхтик арылынна.

Муниципальнай түһүмэх хакатон форматынан ааста. Ол аата күрэхтэһээччилэр бэриллибит бириэмэҕэ хамаандаҕа арахсан цифровой продукт прототип оҥорон таһаараллар. Хамаанда састааба 3 киһиттэн турар (менеджер, дизайнер уонна разработчик).

3 трегынан үлэлээтилэр:

  1. “Комфорная среда”
  2. “Безопасная среда”
  3. “Образовательная среда”

Иккис күнү күрэхтэһээччилэр практическай үлэттэн саҕалаатылар.

Салҕыы күн эргииринэн 17 хамаанда “Бастакы лига” уонна “Иккис лига” диэн арахсан икки күннээх цифровой прототиптарын дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскээтилэр.

Информационнай технология күрэх түмүгэ икки лиганан арахсан таҕыста.

Ол курдук “Бастакы лига” бөлөҕөр:

● I миэстэни —И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей «RepreBom» хамаандата I степеннээх дипломунан уонна харчы угуулаах туоһу сурук бириистэринэн наҕараадаланна;

● II миэстэни — М.Е. Попов аатынан Аллараа Бэстээх  оскуолатын «NВonе» хамаандата II степеннээх дипломунан уонна харчы угуулаах туоһу сурук бириистэринэн наҕараадаланна;

● III миэстэни —И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей «НЛО» хамаандата III степеннээх дипломунан уонна харчы угуулаах туоһу сурук бириистэринэн наҕараадаланна.

Онтон салҕыы “Иккис лига” бөлөҕөр:

● I миэстэни —С.З. Борисов аатынан Тыыллыма осскуолатын «Fire» хамаандата I степеннээх дипломунан уонна харчы угуулаах туоһу сурук бириистэринэн наҕараадаланна;

● II миэстэни — В.П. Ларионов аатынан «КЛК» хамаандата II степеннээх дипломунан уонна харчы угуулаах туоһу сурук бириистэринэн наҕараадаланна;

● III миэстэни — А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү оскуолатын «ТюнгPytn» хамаандата III степеннээх дипломунан уонна харчы угуулаах туоһу сурук бириистэринэн наҕараадаланна.

Ону таһынан күрэх түмүгүнэн саамай бастыҥ көрдөрүүлээх кыттааччылары биирдиилээн туоһу суругунан наҕараадалаатылар:

● “Лучший менеджер” — К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх оскуолатын «Хомус» хамаанда менеджера - Павлова Илона буолла;

● “Лучший дизайнер” — В.Н.Оконешников аатынан Павловскай оскуолатын «EVA» хамаанда дизайнера – Николаев Алексей буолла;

● “Лучший разработчик” —  М.Е. Попов аатынан Аллараа Бэстээх  оскуолатын «High5» хамаанда разработчига - Сивцев Вячеслав буолла;

● “Лучшее медиа сопровождение” — И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей медиа салаа “STEP” бөлөҕө буолары ситистэ.

Бу курдук кэскиллээҕи кэрэһэлиир үүнэр көлүөнэ ыччаппыт, саргыны салайсар, инникигэ сирдиир информационнай технология эйгэтигэр “Моя профессия – ИТ 2023” биир сүрүн күрэх Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар түмүкэннэ.

Свинобоева Сайыына,

улуустааҕы “Мэҥэ кэскилэ” оҕо уонна ыччат хамсааһынын медиа-специалиһа.

 

Просмотров: 299
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Март 2023  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009