Тохсунньу 28-31 күннэригэр А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар педагогтар квалификацияларын үрдэтэр «Моделирование содержания современного образования»диэн тиэмэлээх проблемнай куурус буолла. Дьокуускайдааҕы ИРОиПК үнүстүтүүтүттэн үөрэҕирии политикатын, педагогическай бырайыактааһын кафедраларын сэбиэдиссэйэ Клара Михайловна Охотина кууруһу ыытта.
Куурус педагогтар итиэннэ үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлэрин сайыннарар, үөрэх хаачыстыбатын таһымын үрдэтэр, уопут атастаһар сыаллаах – соруктаах ыытылынна.
Кууруска уопсайа 46 киһи сырытта. Ол курдук ыаллыы сытар Хорообут уонна Бэдьимэ орто оскуолаларыттан кэлэн кытыннылар. Квалификацияны үрдэтэр тэрээһиҥҥэ учууталлар, уһуйаан иитээччилэрэ, үөрэх үлэһиттэрэ биир нэдиэлэ устата үөрэннилэр.Кууруска үөрэҕирии тыын боппуруостарын, ФГОС, аттестация ирдэбилин, научнай ыстатыйаны хайдах суруйуу, үөрэх бырайыагын оҥоруу туһунан олус интэриэһинэй лекция буолла.
Клара Михайловна талааннаах лектор быһыытынан истээччи болҕомтотун күүскэ тардар, кини лекцияларыгар сылдьыбыт педагогтар болҕомтобутун сөҕүрүппэккэ иһиттибит.
Куурус иккис күнүгэр К.М.Охотина төрөппүттэргэ «Оҕону иитии кистэлэҥнэрэ» диэн тиэмэҕэ көрсүһүү тэрийдэ. Аһаҕас кэпсэтии, санаа атастаһыыта таһаарыылаахтык, үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын төрөппүттэр бэлиэтээтилэр.
Икки күн устата Мэлдьэхси, Бэдьимэ, Хорообут орто оскуолаларын учууталлара, уһуйаан иитээччилэрэ аныгы федеральнай государственнай үөрэх стандартарын ньымаларын көрдөрөр аһаҕас уруоктары, дьарыктары ыыттылар. Ыытыллыбыт уруоктар тула кэпсэтии, анализтааһын буолла. Уопсайа 9 уруок, 4 дьарык, 1 маастар-кылаас ыытылынна, 12 учуутал, 3 уһуйаан иитээччитэ кытынна (математика, английскай тыл, музыка, төрөөбүт литература, география, история, физкультура, технология, саахымат).
Куурус түмүгэр К.М.Охотина олимпиада ыытта, көхтөөхтүк кыттыбыт педагогтарга анал ааттары туттарда. Аһаҕас уруоктары, дьарыктары, маастар-кылаастары ыыппыт педагогтар опыттарын республиканскай таһымҥа үллэстибиттэрин туһунан туоһу сурук ыллылар.
Хас биирдии педагогка квалификацияны үрдэтиини ааспытын туоһулуур дастабырыанньалар туттарылыннылар.
|