Сэтинньи 28 күнүгэр А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар «Педагогическай субботник» акция чэрчитинэн Хорообут орто оскуолатын учууталлара ыалдьыттаатылар. Үрдүкү категориялаах учууталлар кэлэн, математика, уруһуй, физика, география, төрүт культура предметтэригэр уруоктары биэрдилэр.
Осипова Мария Анатольевна «Төгүрүк уоннаахтан чыыһыланы көҕүрэтии» темаҕа ыыппыт уруогун оҕолор олус сэргээн көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Босикова Наталья Васильевна уруогар саҥа,сонун ньыманы – монотипияны билистилэр, уруһуйдуурга үөрэннилэр. Шестакова Анна Петровна «Физика сокуоннара олоҕу кытта сибээстэрэ» темаҕа уруога практическай чааһа элбэҕинэн үөрэнээччилэри интэриэһиргэттэ. Сергина Александра Васильевна «Сир ис тутула» диэн темаҕа оҕолор бэйэлэрин билиилэригэр тирэҕирэн, саҥа билиигэ тахсыыларын табан ыытта. Тихонова Антонина Иннокентьевна «Сылгы – саха тыына» темаҕа уруогуттан 5 кылаас оҕолоро, элбэҕи билэн, астынан таҕыстылар.
Истибит, көрбүт учууталлар санаа үллэстиитигэр көхтөөхтүк кытыннылар. Ыалдьыттарга киэҥ ис хоһоонноох, баай технологиялаах уруоктарын иһин махтаннылар.
Салгыы маастар-кылаастары көрүү ыытылынна. Манна олохтоох оскуола учууталлара Аргунов Иннокентий Иннокентьевич «История уруогар агрокомпонент киириитэ», Степанова Любовь Дмитриевна «Эмтээх үүнээйи арааһа», Кривогорницына Алевтина Васильевна «Уруокка ситиһиилэнии усулуобуйатын тэрийии», Петрова Юлия Николаевна «Презентацияны оҥорууга сүбэлэр», Иванов Марк Иванович «Баскетболга оонньооһун методиката» темаҕа элбэҕи көрдөрдүлэр, сүбэлээтилэр. Учууталлар бэйэлэрэ тутан-хабан оҥорон, көрөн, оонньоон, эмтээх үүнээйилэри билсэн, амсайан, астынан тарҕастылар.
Семенова А.П., Мэлдьэхси орто оскуолатын саха тылын учуутала.
|