Белоруссияҕа Мэҥэ-Хаҥалас делегацията.
Быйыл улууспутугар Герой сыла биллэриллэн, араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Олортон биирдэстэринэн Белоруссияҕа тур буолар. Быйылгы 2021-2022 үөрэх сылыгар Герой Попов 100 сааһын көрсө, 100 сааһын туолар үбүлүөйдээх оскуолалартан: Матта оскуолатыттан Лина Халдеева, Нуораҕанаттан Кристина Петрова, Баатараттан Олег Кожин уонна Чыамайыкыттан мин-Артем Прокопьев кыттыыны ылан кэллибит.
Москваҕа, Белоруссияҕа элбэх музейга сырыттыбыт, элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Онно барытыгар биһигини Петр Михайлович Филиппов уонна Ф.К. Попов аймаҕа Николай Петрович илдьэ сырыттылар.
Белоруссияҕа Лоев куоратыгар Герой Попов көмүллэ сытар сиригэр тиийэн улууспут уонна Белоруссия дьаһалтатын, кадеттары, Белоруссия оҕолорун, сэрии сылын оҕотун кытары көрсөммүт биир дойдулаахпытын, сахалартан бастакы Советскай Союз Геройун, Федор Кузьмич Поповпутун ахтан-санаан тыл эппиппит, ытыгылаан венок уурбуппут уонна төрөөбүт төрүт Баатаратын буорун ууран, сахалыы тылынан саҥаран чиэстээтибит.
Белоруссияны кытта сыһыаммытын кэпсиир эбит буоллахха – биһиги Мэҥэ-Хаҥаластар Белоруссияны кытары хаһыс да сылын чугас доҕордуу сыһыаннаахпытын үөрэ, бэлиэтии көрдүм. Аҕа дойду сэриитигэр Белоруссияны босхолооһуҥҥа Федор Кузьмич Попов Днепр өрүһү туорааһыҥҥа бастакылар ахсааннарыгар баара. Уҥуор биэрэккэ тахсан үөмэн тиийэн өстөөх траншеятыгар саба түһэн, ручной пулемет былдьаан бэйэтин дьонун бэтэрээ биэрэккэ туораталыыр. Ол хорсун быһыытын иһин кэнники өлбүтүн кэннэ сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Геройа буолбута. Маны барытын Белоруссия норуота билэр, үөрэтэр, кининэн киэҥ туттар эбит.
Түмүкпэр махталбын тиэрдиэм этэ, улууспут делегациятыгар, Белоруссия олохтоохторугар уонна илдьэ сылдьыбыт салайааччыларбытыгар. Өссө инникитин даҕаны хас сыл аайы оҕолор маннык турга баран, билэн-көрөн кэлэллэрин баҕарабын. Геройбут аата үйэлэр тухары ааттана туруохтун.
Прокопьев Артем, С.Н.Михайлов аатынан
Чыамайыкы орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, оскуола лидерэ
Белоруссияҕа айан -2021 сыл
Улууспут иһинэн "По следам Героя" проект үлэлээбитэ уже 5 сыла. Быйыл Герой Попов 100 сааһын туолар юбилейнай сыл онон сибээстээн биһиги улуустан 4 юбилейдаах школаларыттан 1 оҕону тэрийэн Белоруссияҕа Герой Попов көмүллэ сытар сиригэр барарга улахан чиэскэ тигистибит, ол курдук Кожин Олег - Сыымах, Прокопьев Артем – Чыамайыкы, Петрова Кристина – Дьабыыл, Халдеева Лина - Матта. Бастакы күннэргэ Москва куоракка сырыттыбыт Краснай площадка, ВДНХ онтон поеһынан Гомель куоракка айаннаатыбыт. Биһигини онно Рудов Дмитрий Александович турслет центр үлэһитэ көрсүбүтэ. Гостиницабытын булан баран Гомель куорат историческай миэстэлэрин кэрийтэрбитэ. Ити курдук Гомель куоракка икки күн сырыттыбыт элбэҕи биллибит көрдүбүт. Красный берег диэн дэриэбинэҕэ баар "Детям жертвам войны" момериальнай комплекска сырыттыбыт. Киһи санаата улаханнык хараастар сирэ эбит. Саамай долгутара 15 саастаах Катя Сусанина кыыс немец хаатыргатыттан тиһэх суруга. Бүтэһик күммүтүгар Лоевскай райоҥҥа основной делегацияны кытта холбоһон Федор Кузьмич Попов хорсун быһыытын оҥорбут сиригэр барбыппын. Лоевка Аллея Героев сырытыннарбыттара уонна музейга онно Федор Кузьмич Попов туһунан стендэ баар. Эбиэт кэннэ көмүллэ сытар сиригэр Деражичи дэриэбинэҕэ барбыппыт. Онно сыалай дэриэбинэ дьоно мустан Пограничтар бааллар сүрдээх ис хоһоонноох митинг буолбута. Убайбытын сахалартан бастакы Геройу Федор Попову сүрдээҕин билэллэр эбит, Братскай могилалары бэккэ көрөллөр харайаллар эбит. Онон олус үчүгэй тэрээһиҥҥэ сылдьан кэллибит. Манан туһанан этиэм этэ улахан махталбытын тиэрдэбит үөрэх управлениятын начальнигар Черкашина Ирина Васильевнаҕа уонна экскурсионнай тур кураторыгар программаны оҥорон тэрийбит Бугаев Николай Николаевичка.
Филиппов Петр Михайлович, группа салайааччыта
Ороссолуода орто оскуолатын ОБЖ учуутала
Мне очень понравился наш тур по Москве и Белоруссии. Нашего руководителя звали Пётр Михайлович, вместе с ним нас сопровождал родственник Попова Фёдора Кузьмича-Николай Петрович. Мы очень хорошо провели время с руководителями и ребятами. Особенно понравился последний день в Белоруссии, так как это был очень знаменательный день или, можно сказать, мероприятие. Нас встретили с хлебом и с солью. Потом мы пошли на место, где захоронен Герой Советского Союза Фёдор Кузьмич Попов и почтили память о нём. Люди из Белоруссии хорошо заботились об этом месте. После экскурсии по музею и чтения памяти в честь погибших мы сели за праздничный стол. Нам приготовили выступление, где красивые и высокие девушки с Белоруссии пели свои народные песни и танцевали под музыку. Это было очень красиво. Жаль, что мы не остались хотя бы на мгновение дольше, так как нас ждал поезд. Это был поистине чудесный день. Если бы мне предложили снова поехать (полететь) на тур по Белоруссии, я бы не раздумывая согласилась. Поэтому я советую всем школьникам усердно учиться и сдать ОГЭ на как можно больше баллов и получить хорошие оценки.
Петрова Кристина,
ученица 10 класса МБОУ Жабыльская СОШ
Соһуччу айан
2021 сыл сэтинньи 29 ахсынньы 5 күннэригэр Мэҥэ-Хаҥалас 100 сыллаах юбилейдаах оскуола оҕолоро буолан Москваҕа, Белоруссияҕа экскурсиялаан кэллибит. Герой Федор Кузьмич Попов 100 сылынан уҥуоҕар венок уурдубут. Арааһынай музейдары, Гомель куорат биллэр-көстөр миэстэлэрин көрдүбүт. Лоевка баар военнай музейга сылдьан биир дойдулаахпыт Герой Попов туһунан элбэҕи биллибит. Сэрии кэмигэр саллааттар туттубут малларын көрдүбүт.
Экскурсияны олус сөбүлээтим, хас биирдии оҕо көрүөн, сылдьыан наада эбит дии санаатым.
Халдеева Лина, 10 кылаас, "Матта орто оскуолата"
|