|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2022 » Ноябрь » 4 » “Мэҥэ кэскилэ” оҕо уопсастыбаннай түмсүү лидерын таллылар
19:37
“Мэҥэ кэскилэ” оҕо уопсастыбаннай түмсүү лидерын таллылар

Сэтинньи 3 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр «Кыталык» уопсастыбаннай киинигэр улуустааҕы “Мэҥэ кэскилэ” оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн лиидэрин быыбара Бүттүүн дойду оскуола оҕолорун хамсааһынын итиэннэ норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр ананан ыытылынна.

Быыбар сүрүн сыалынан оҕо түмэр-салайар дьоҕурун сайыннарар, дьыалабыай оонньуу быһыытынан үүнэр көлүөнэ ыччат быраап уонна бэлиитикэ өттүнэн хайысхаҕа култуураларын үрдэтэр итиэннэ бэйэ икки ардыгар үтүө доҕордуу сыһыаҥҥа иитэр соруктаах ыытыллар.

Тэрээһиҥҥэ уопсайа 27 үөрэх кыһатыттан 167 оскуола лиидэрдэрэ, актыбыыстара кэлэн кыттыыны ыллылар. Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллурар:

- Дмитрий Иванович Тихонов – Мэҥэ-Хаҥалас улууһун аҕа баһылыга;

- Плотникова Ирина Михайловна – Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын начальнигын солбуйааччыта;

- Билюкина Марианна Юрьевна – Кэрэли улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин киин дириэктэрэ.        

Күммүт бастакы чааһыгар Мэҥэ кэскилэ оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн актыбыыһа Георгий Петров ааспыт 2021-2022 үөрэх дьылыгар Мэнэ кэскилэ улуустааҕы оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн үлэтэ «Кустук сэттэ өҥүнэн бырайыак” иһинэн оҕо хамсааһынын бары хайысхата хабыллан “Күлүм түгэн” дьыл түөрт кэминэн дьиэ кэргэнинэн хаартысканан удьуор утумнарын, дьарыктарын, сатабылларын о.д.а. хаартыска нөҥүө сырдатыыларын, «Өйтөн сүппэт түгэннэр” Улуу Пионерия 100 сылын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ анаммыт хас да хайысхалаах чинчийэр үлэлэр, историяны кэрэһэлиир тэттик киинэлэр, социальнай хайысхалаах видеороликтар о д.а. нөҥүө ыытыллан кэлбиттэрин туһунан иһитиннэрдэ. Итиэннэ быйылгы үөрэх дьылыгар “ Перезагрузка-25” бырайыак Ил Дархан гранын ылбыта дьоһун ситиһии буолбутун бэлиэтээтэ.

Быйыл оҕо хамсааһыныгар үгүс уларыйыылар киирбиттэрин бары билэбит, ол курдук от ыйын 14 күнүгэр Дойду президенэ Владимир Путин уурааҕынан 261 нүөмэрдээх «Российское движение детей и молодежи” сокуона бигэргэтиллибитэ. Мантан сиэттэрэн Мэҥэ-Ханалас улууһун уэрэнээччилэрин сүбэтигэр ырытыллан, көрүллэн саҥа Мэҥэ-Хаҥалас улууһун дьаһалтатын иһинэн оскуола оҕолорун сүбэтин балаһыанньата  уопсай оскуола делегаттарын куоластааһыннарынан ылылынна итиэннэ улуус баһылыга Д.И. Тихонов, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын начальнигын солбуйааччыта И.М. Плотникова, “Мэҥэ кэскилэ” улуустааҕы оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн салайааччыта М.Д. Монастырева уонна оҕолор ааттарыттан Георгий Петров илии баттаан бигэргэттилэр.

Иккис чааһынан «Мэҥэ кэскилэ» оҕо түмсүүтүн лиидэрин быыбара буолла. Быйылгы сылга 4 кандидат турда, ол курдук:

- Павлов Юрий – Кеша Алексеев аатынан Хапта5ай орто оскуола 10 кылааьын уэрэнээччитэ;

- Петров Степан – Филипп Гаврильевич Охлопков аатынан Майа орто оскуолата;

- Романов Николай – Владимир Петрович Ларионов аатынан Майа орто оскуолата;

- Соловьева Евдокия – Иван Гаврильевич Тимофеев аатынан Майа лицейэ.        

Быыбардыыр хамыыһыйаҕа үлэлээтилэр:

 - Попова Айталыына – бэрэссэдээтэл, Филипп Гаврильевич Охлопков аатынан Майа орто оскуолата;

уонна чилиэттэр:

- Винокуров Эрсан – Иван Гаврильевич Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей;

- Семенова Регина – Владимир Петрович Ларионов аатынан Майа орто оскуолата;

- Николаева Ксения – Кеша Алексеев аатынан Хапта5ай орто оскуолата.

Быыбар балаһыанньа быһыытынан икки түһүмэҕинэн барда:

- «Мин тосхолум» түһүмэххэ кандидаттар төрдүлэрин-уустарын, удьуордарын сырдаттылар уонна оҕо хамсааһына сайдыытыгар инники көрүүлэрин, былааннарын билиһиннэрдтлэр.

- «Улууһум бүгүҥҥүтэ, сарсыҥҥыта»  түһүмэххэ дьыалабыай оонньуу быһыытынан буолла. Талан ылбыт тиэмэҕэ кандидаттар тус санааларын иһитиннэрдилэр, билиҥҥи олоххо тыҥаан турар боппуруостары тула кэпсэттилэр.

Кандидаттар тылларын-өстөрүн истэн, билсэн баран оскуолалар хас биирдии делегаттара, ыҥырыылаах ыалдьыттар бэйэлэрин тус санааларын биллэрэн талбыт кандидаттарыгар куоластарын биэрдилэр.

Түмүк тахсар кэмигэр ыалдьыттары кытары сэһэргэһии түһүлгэтэ  олус истиҥник   тэриллэн оҕолор араас интэриэһиргиир, долгутар ыйытыктарыгар толору хоруй ыланнар олус астыннылар уонна маннык кэпсэтиилэр инникитин, көрсүһүүлэр буолалларыгар баҕа санааларын биллэрдилэр.

Үһүс долгутуулаах чааспытыгар Дмитрий Иванович быйыл талыллыбыт лиидэрдэргэ улуустааҕы оскуола оҕолорун сүбэтин чилиэнэ буолбуттарынан туһунан туоһу суруктары итиэннэ түөскэ кэтиллэр бэлиэлэри туттарыытынан саҕаланна. Мантан салҕыы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Айталыына Попова быыбар түмүк боротокуолун ааҕан иһитиннэрдэ. Ол курдук уопсайа 167 киһи куоластаабытын түмүгэ маннык таҕыста:

  • Павлов Юрий – 49 куолас;
  • Петров Стнепан – 15 куолас;
  • Романов Николай – 20 куолас;
  • Соловьева Евдокия – 85 куолаһы ылан “Мэҥэ кэскилэ” улуустааҕы оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн лиидэринэн талылынна.

Улуустааҕы оҕо түмсүүтүн салайааччыта Марианна Монастырева тэрээһин түмүк тылын этэн туран кандидаттарга улуустааҕы оскуола оҕолорун сүбэтин чилиэнэ буолбуттарын туоһу суруктарын уонна талыллыбыт лиидэргэ көһө сылдьар бэлиэни туттарда.

Күн иккис аҥарыгар В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын педагог-организатора Китаева Алина Павловна салайан оҕолор «Мировое кафе» ньыманан 6 хамаанданан арахсан инники санааларын, былааннарын, көрүүлэрин оҥордулар. Салайааччыларга «Кэрэли» улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин киин дьиэтигэр семинар тэрилиннэ. Семинарга “Кэрэли” киин психолога Слободчикова Нина Ильинична “Эркээйи эргиирэ” тосхол нөҥүө оҕо саастарынан уратыларын учуоттаан эйгэни тэрийэн оҕо тэрилтэтин үлэтин хайдах торумнуур туһунан сиһилии кэпсээн, сүбэ-ама биэрэн салҕыы В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһитэ Капитонова Анастасия Яновна салайыытынан «Матрица» ньыманан саҥа сылга соруктары итиэннэ кэлэр сылга былааннары торумнаатылар.

Марианна Монастырева,

улуустааҕы оҕо хамсааһынын куратора

Просмотров: 384
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Ноябрь 2022  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009