|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2023 » Март » 16 » МАЙА ЛИЦЕЙЫН ОҔОЛОРО УЛУУС ЧИЭҺИН СИТИҺИИЛЭЭХТИК КӨМҮСКЭЭТИЛЭР
16:15
МАЙА ЛИЦЕЙЫН ОҔОЛОРО УЛУУС ЧИЭҺИН СИТИҺИИЛЭЭХТИК КӨМҮСКЭЭТИЛЭР

Кулун тутар 13-15 күннэригэр Дьоллоох Дьокуускай куоракка оскуола иһинэн үлэлиир спортивнай кулууптар икки ардыларыгар 2010-2011 сыллаах төрүөх оҕолорго Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии Өрөспүүбүлүкэҕэ сүүмэрдээһинэ буолан ааста.

Күрэхтэһии үөрүүлээх арыллыыта Улуу кыайыы 50 сылыгар анаммыт успуорт дыбарыһыгар ыытылынна, манна мустубут дьону-сэргэни, кыттааччылары, хамаандаларга ыалдьааччыларга “Юные Якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин директорын солбуйааччы Александр Брызгалов:

  • “Бу оонньуулар, дойдубут президена Владимир Путин көҕүлээһининэн 2018 сылтан ыла ыытыллаллар, күрэх сүрүн сыалларынан буолаллар оҕону эт-хаан өттүнэн дьарыктааһын, историяны үөрэтии, булугас-талыгас толкуйу эрчийии, ыччакка күрэхтэһии тыынын киллэрии, бэйэ – бэйэни ытыктыырга уонна саамай сүрүн сыала төрөөбүт дойдуну таптыырга уонна харыстыырга, кининэн киэҥ туттарга иитии буолар”  - диэн ис хоһоонноох эҕэрдэтинэн күрэхтэһиини арыйда.

Күрэхтэһиигэ өрөспүүбүлүкэ финалыгар барыта 3 хамаанда кэлэн илин-кэлин түһүстүлэр. Ол курдук, Хаҥалас улууһуттан Покровскай куорат 3 нүөмэрдээх орто оскуолатата, Дьокуускай куорат А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарын сүгэр Саха национальнай гимназита уонна Мэҥэ-Хаҥаластан Иван Гаврильевич Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей сүүмэрдэммит хамаандалара барыта 8 көрүҥҥэ күөн көрүстүлэр. Маҥнайгы күҥҥэ футбол, үс үскэ баскетбол, саахымат уонна өйү тургутуу брейн-ринг буолбуттара манна оҕолорбут футболга 3, баскетболга 1 саахымакка 3 уонна брейн ринҥа 2 миэстэни ылары ситиспиттэрэ. Иккис күҥҥэ чэпчэки атлетикаҕа 3 чирлидинг (хамаанданы өйүүр бөлөхтөр) күрэҕэр 2 уонна бүтэһик “Биһиги ооньууларбыт историятыттан” диэн тиэмэлээх хаартыска күрэҕэр 1 миэстэни ылан, биһиги ыччаттарбыт бэт кыраннан хаалан, өрөспүүбүлүкэҕэ бочуоттаах 2 миэстэни ылан үөрэн-көтөн кэллилэр. Оҕолору бэлэмнээн күрэххэ илдьэ сырыттылар Лилия Варламова, Дмитрий Жирков физкультура учууталлара уонна Павел Судико директоры иитэр үлэҕэ сүбэһит.

Санатар эбит буоллахха мантан саас бу саастаах оҕолорго дойдубут президенын Бүтүн Арассыыйатааҕы спортивнай оонньууларыгар сүүмэрдиир күрэхтэр ыытыллыахтара, манна оскуоланан буолбакка ыччаттары кылааһынан тургутан көрүөхтэрэ.

Майа лицейын пресс-киинэ

 

Просмотров: 260
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Март 2023  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009