|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2023 » Январь » 25 » Майа Лицейыгар аҕа сылын көрсө...
17:39
Майа Лицейыгар аҕа сылын көрсө...

Быйыл 2023 сылга Майа сэлиэнньэтигэр баһылык Алексей Неустроев “Аҕа сылын” биллэрбитэ. Бу бачыымы өйөөн, бэҕэһээ тохсунньу ый 24 күнүгэр Майатааҕы лицейга Аҕа сүбэтин саҥа састааба бастакы сүбэ мунньаҕа буолан ааста.

Көрсүһүү директор киирии тылыттан саҕаланна, Татьяна Спартаковна оскуола үлэтин-хамнаһын, ис тутулун, ситиһиилэрин билиһиннэрдэ уонна үөрэҕирии систематыгар чуолаан кэлиҥҥи сылларга судаарыстыба өттүттэн Иитии боппуруоһугар улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ, мунньах кыттыылаахтарыгар таһаарыылаах үлэни баҕарда.

Аҕалар мунньахха сыллааҕы былаан барылын дьүүллэстилэр, манна Павел Мартынов - “ыччаттарбытын төрөөбүт дойдуларын таптыырга уонна айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыны эттэригэр-хааннарыгар иҥэриэхпитин наада, ити сыалтан быйыл саас, баһаар буолбут сирдэригэр тахсан экологическай акция оҥорон оҕолорбутун кытта мас үнүгэһин тахсан олордуоҕун” - диэн санаатын үллэһиннэ. Маны тэҥэ 7-1 кылаас төрөппүтэ Андрей Кычкин аҕа сүбэтин үлэтин сүнньүнэн этиитин киллэрдэ “Бүгүн сүрдээх интириэһинэй кэпсэтии буолла, элбэх былаан тэрээһин баар эбит, элбэх төрөппүтү хабан уонна актыыбынаһы элбэтэр сыалтан - сылга биир кылааска - биир аҕалар ыытар тэрээһиннэринэн үллэстиэххэйин” – диэн этии киллэрдэ. Аҕа сүбэтин бэрэссэдээтэлин боппуруоһун көрүүгэ Афанасий Игнатьев этиитин кытта бары сөбүлэстилэр – “Аҕа түмсүүтэ бу кэлин сылларга пандемия да буоллун, араас хааччахтар кэннэ уонна улуус араас нэһилиэктэриттэн саҥа корсубут, билсибит дьон буоларбыт быһыытынан – оскуола биир улахан тэрээһинин тэрийиэҕин уонна онно быһаарсыаҕын”- диэтэ. Кэлэр тэрээһин олунньу 23 күнүгэр – Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр түбэстэ, манна сыл ахсын оскуолаҕа ыытыллар “Один день в Армии” тэрээһини аҕаларбыт биир сүбэнэн ыытарга сөбэлэстилэр. Мунньахха барыта 16 аҕа кыттыыны ылла, ол иһиттэн 9 аҕа куйаар ситимин нөҥүө.

Санатар эбит буоллахха, урукку кэмнэргэ Майатааҕы гимназия уонна лицей аҕа сүбэлэрин ааттаах-суоллаах уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар эр дьон иилээн-саҕалаан үлэлэтэ сылдьыбыттара. Ол курдук, Чупров Владимир Семенович, Аргунов Иван Дмитриевич, Шарин Дмитрий Иннокентьевич, Филиппов Иван Семенович, Николай Петрович Тарасов, Гаврил Егорович Слободчиков, Павел Ионович Цыпандин ааттарын биһиги киэн тутта ааттыыбыт.

Майа лицейын пресс-киинэ

 

Просмотров: 384
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Январь 2023  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 9
Гостей: 9
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009