Майа сэлиэнньэтин киинэ кэнники кэмҥэ сибэккилэрдээх искибиэрдэринэн симэнэр. Биир оннук кыраһыабай миэстэ Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинин аттыгар, улуустааҕы үөрэх управлениетын иннигэр баар буолуоҕа. «Учуутал искибиэрин» туһунан улуустааҕы үөрэх үлэһиттэрин боропсойууһун бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Скрябин билиһиннэрдэ.
‒ Былырыыҥҥаттан саҕалаан боропсойуус бэрэссэдээтэллэрин этиилэринэн, улууспут култууратын уонна үөрэҕириитин киинигэр ‒ Майаҕа «Учуутал искибиэрин» оҥоруохайыҥ диэн, бырайыак көмүскүүргэ, куонкурус ыытарга этии киирбитэ. Ити идеяны үөрэх управлениетын начаалынньыга Ирина Черкашина өйөөн, үлэтэ саҕаланна. Быйыл искибиэр сүрүн өртүн бүтэриэхтээхпит. Бэдэрээтчит ИП Дмитриев Н.П. үлэһиттэрэ ылсан, олус кылгас кэм иһигэр сирин көннөрөн, буорун, тааһын таһан, матырыйаалын Дьокуускайтан таһаартаран, үлэ ыытыллар. Биһиги санаабытыгар, манна сэриигэ кыттыбыт буойун учууталлар, уордьаннаах учууталлар, улууска үөрэҕирии устуоруйатыгар киирбит салайааччыларбыт бэлиэтэнэн хаалалларын ситиһэр соругу туруорунабыт. Ыалдьыттарбыт, улуус бары нэһилиэктэриттэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлээччилэр, сынньанан, көрөн барыа этилэр.
Ити курдук, өссө биир кэрэ миэстэ дьону-сэргэни үөрдүөҕэ диэн кэтэһэбит.
Виктория Белолюбская.
Источник: @gazetaerkeii |