Алмазэргиэнбаан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн "1 000 000 сайдыыга" диэн социальнай инфраструктураны тупсарыыга туһуламмыт аһаҕас бырайыак биллэрэн икки түһүмэҕинэн далааһыннаахтык ыытылынна. Бырайыак күрэҕэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун М.Е.Попов аатынан Аллараа Бэстээх оскуолатын "Сайдыс" сайыҥҥы лааҕыра "Оҕо амфитеатра" бырайыагынан кыттыыны ылан муҥутуур кыайыылаах аатын сүктэ. Кыайыы улууспут "Сайдыс" лааҕыра үлэтин саҕалаабыта 10 сылын көрсө оҕолорбутугар улахан бэлэх буолбутун үөрэн туран бэлиэтиибит.
Бу кыайыы кэлэригэр бука бары эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, кэллиэгэлэрбитин, үөрэтэр оҕолорбутун, доҕотторбутун кытта ыкса үлэлэһэн, улуус туһа диэн уопсай биир дьыалаҕа хас биирдии киһи куолаһа наадалааҕын сөпкө өйдөтөн инники күөҥҥэ тахсарга кылааккытын киллэрбиккитигэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын аатыттан махталбытын биллэрэбит. Инникитин даҕаны бары бииргэ, биир сомоҕо буолан улуус кэнчээри ыччата сайдыылаах, бары хайысхаҕа кыайыылаах буоларын туһугар үлэни ыытыахпыт, күүспүтүн, өйбүтүн-санаабытын түмэн элбэҕи ситиһиэхпит диэн эрэнэбит!
Г.Н.Толстяков, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын начальнига
|