Бу дьыл сэтинньи 15 күнүгэр Д.Ф. Назаров аатынан Өлөчөйдөөҕү анал коррекционнай оскуолатыгар «Коррекционно-педагогическая работа с детьми с интеллектуальными нарушениями» улуустааҕы сэминээр буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ улуус араас оскуолатыттан, уһуйааныттан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору кытта үлэлиир педагогтар кыттыыны ыллылар.
Сэминээр икки түһүмэҕинэн үлэлээтэ.Күн бастакы аҥарыгар аһаҕас уруоктары көрүүгэ 10 учуутал кытынна. Оскуолабыт технологияҕа учууталлара Барабанов Д.Д., Матчитов И.С. уолаттары лазерынан үлэлиир станокка дьоҕус оҥоһугу чочуйан таһаарар ньымаларга үөрэттилэр. Иис уруогун учуутала Стручкова Н.Р. кыргыттара иистэнэр массыынаҕа сыттык хаатын тигэн көрдөрдүлэр.Чэбдигирдэр физкультура учуутала Барабанов С.С. оҕолорго доруобуйаны тупсарар туһалаах хамсаныылары оҥоттордо.Саха тылын учуутала Билюкина Л.Н. оҕо өйдөөн ааҕар дьоҕурун сайыннарыыга уруогун анаата. Эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта Петрова В.П. куруһуогун оҕолоро «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйанан олоҥхо ааҕан иһитиннэрдилэр. Эдэр иитээччи Барабанова А.А. оҕо саҥатыгар «С» уонна «Ш» дорҕооннору арааран үөрэтиигэ тус ньыматын көрдөрдө.Айылҕа үөрэҕин учуутала Семенов Р.Н. Саха сирин усулуобуйатыгар яблоня маһы вегетативнайдык үүннэрии ньымаларын оҕолорго билиһиннэрдэ. Төхтүр орто оскуолатын учууталлара Холмогорова М.Д., Сивцева А.В. 6 кылаас үөрэнээччилэригэр арт-терапия элэмиэннээх уйулҕа дьарыгын ыыттылар.
Күн иккис аҥарыгар ыытыллыбыт «Педагогический кейс» түһүмэххэ 8 учуутал өр сыллаах үлэтин уопутун үллэһиннэ. Кыттааччылар оҕону үөрэтэр тус ньымаларын,бэйэлэрэ айан оҥорбут көрдөрөр-үөрэтэр баай матырыйаалларын билиһиннэрдилэр.Алтан орто оскуолатын учуутала Назарова А.В. алын кылаас оҕолоругар аналлаах нейрогимнастика туһунан иһитиннэрии оҥордо. Майатааҕы «Кэскил» оҕо киинин соц.педагога Леонтьева А.М. доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор айар дьоҕурдарын сайыннарыыга үлэтин туһунан сиһилии кэпсээтэ.Майатааҕы Ф.Г. Охлопков аатынан орто оскуола логопед-учуутала Дмитриева М.В. оҕолору кытта үлэҕэ туһанар Сингапурскай технологияны семинар кыттыылаахтарыгар оонньотон көрдөрдө.Майатааҕы «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын логопеда Алексеева С.С. оҕо «Р» дорҕоону сөпкө саҥара үөрэнэригэр туһуламмыт ньымалары холобурдаан көрдөрдө.Майатааҕы А.Е.Зыкова аатынан «Мичээр» оҕо уһуйаанын иитээччитэ Иванова Е.П. оҕо дорҕоону таба истэригэр,саҥарарыгар туһанар бэйэтэ оҥорбут тэриллэрин туһунан кэпсээтэ. Оскуолабыт алын кылааһын учуутала Сектяева З.Р. өр сылларга муспут,бэйэтин илиитинэн айан тутан оҥорбут оҕону сайыннарар араас оонньуурдары түмэн көрдөрдө.Нуучча тылын учуутала Москвитина Ф.В. грамматиканы үөрэтиигэ аналлаах баай матырыйаалын билиһиннэрдэ.Алын кылаас учуутала Степанова Н.И. оҕолорго аналлаах нейрогимнастиканы семинар истээччилэригэр оҥоттордо.
Тэрээһин түмүгэр дириэктэр эбээһинэһин толорооччу Матчитова И.Е. кыттааччыларга тус уопуту тарҕатыыны туоһулуур сертификат туттарда. Бүгүҥҥү сэминээртэн ыалдьыттар элбэх саҥаны билэн,хардарыта уопут үллэстэн ,сүбэ соргу ылан тарҕастылар.
Оскуола пресс-киинэ
|