Дьиэ кэргэн – олох уйата, оҕо иитиллэр биһигэ. Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн укулаата, ыал иһинээҕи сыһыантан саҕаланан, утумнанан, үгэскэ кубулуйбут дьарыгыттан, олоҕу көрүүтүттэн саҕаланар.
Дойду таһымыгар төрүт үгэһи, култуураны утумнааһын, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Саха сирин үөрэҕирии уонна билим эйгэтигэр Ааҕыы, Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн «Ыал эйгэтэ» тосхол уонна «Мэҥэ Кэскилэ» оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтэ куолаан ылыммыт «Кустук сэттэ өҥүнэн…» тосхол үлэтэ ахсынньы 26 күнүгэр түмүктэннэ. Сыл устата араас хайысхалаах үлэ ыытылынна. Ол курдук, «Мин дьиэ-кэргэгим кинигэтэ» көрүү-күрэс, «Үтүө санаа - үтүөнү түстүүр» социальнай ролик устуута, «Күндү ийэм, дорообо!» ийэҕэ сурук суруйуутугар акция, «Аҕам үтүө сүбэтэ» хамсааһын, Пионерия 100 cыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах «Салют Пионерии» тэрээһин, «Ыал эйгэтэ» төрөппүттэргэ аналлаах лекторийдар былааннаахтык ыытылыннылар.
|