2019 с. олунньу 27 күнүгэр оҕо суруйааччыта, поэт, суруналыыс, сценарист, эмчит Винокурова Раиса Егоровна – Хаар Мичээрэ 60 сааһыгар аналлаах «Кулумчээн» кыра саастаах оҕолорго аналлаах энциклопедиатын сүрэхтэниитэ «Кыталык» оҕо ыччат эстетическай киинигэр үөрүүлээх быһыыга буолла.
Майа «Мичил», «Чуораанчык» детсадын иитиллээччилэрэ хоһоон ааҕан, Майа «Кэнчээри» детсадын иитиллээччилэрэ «Кулумчээн остуоруйа дойдутугар» музыкальнай спектакль туруоран, академик В.П. Ларионов уонна Ф.Г. Охлопков аатынан Майа оскуолатын 1 кылааһын үөрэнэччилэрэ ырыанан киэргэттилэр. Тэрээһиҥҥэ уопсайа 60-ча оҕо кыттыыны ылла.
Эҕэрдэ бастыҥын анаатылар: улуустааҕы культура уонна духовнай сайдыы начальнигын солбуйааччы Максимова Надежда Афанасьевна, улуустааҕы үөрэх салалтатын оскуолаҕа иннинээҕи үөрэхтээһин отделын сүрүннүүр специалиһа Андрей Андреевич Дьяконов, Саха Республикатын духуобунаска академиятын эппиэттээх сэкэрэтээрэ Валентина Ивановна Бочонина, Саха сирин суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Алексеевна Бочкарева, Бутэйдээхтэн биир дойдулаахтара, бииргэ үөрэммит доҕотторо, «Эркээйи» хаһыат корреспондена уонна сурутууга улэһитэ Марелла Афанасьевна Баишева, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна Николай Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан Саха Республикатын Ил Дарханын оҕо литературатын эйгэтигэр бириэмийэтин 2018 с. лауреата, поэт, оҕо-аймах тапталлаах суруйааччыта Константин Ильич Сосин, улуустааҕы «Таммахтар» литературнай холбоһук салайааччыта Августина Семеновна Хабарова, Саха АССР физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Манчаары» спартакиадатын 3 төгүллээх кыайыылааҕа, Саха республикатын спордун 20-с үйэҕэ лауреата Афанасий Петрович Илларионов, «Кэскил» киин директора Матрена Васильевна Птицына, Майатаагы «Мичил», «Сардаана», «Чуораанчык», «Кэнчээри» уһуйааннар салайааччылара, Майатаагы Мария Ивановна Брызгалова аатынан оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ Ольга Николаевна Дьяконова.
Бүтэһигэр «Эһиэхэ барыгытыгар лыаҕы көтүтэр, чыычааҕы ыллатар, кылыгырас дорҕоонноох оҕо саас дьоллоох күлүүтүн, сырдык ыраас халлааны, күлүмүрдэс күнү, кырачааннары сайыннарар сырдык эйгэҕитигэр дьирибиниир ырыаны, тапталы, дьолу-соргуну!» диэн Раиса Егоровна Винокурова алгыһын уонна махтал тылларын мустубут дьоҥҥо анаата.
|