Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар 66-с төгүлүн ыытыллар В.К. Степанов аатынан культура уонна спорт эстафетатын иһинэн оскуола үөрэнээччилэрин уонна уһуйаан иитиллээччилэрин икки ардыгар ыытыллар фестиваль
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун биир кэлим иитии концепцията 2019 сыл тохсунньу ыйыттан, 2021 сылтан "Мэҥэ-Кэскилэ-7" үөрэҕирии сайдыытын программата олоххо киирэн иитии ис хоһооно саҥа үрдэлгэ тахсан, оҕо киһи быһыытынан төрүт үгэһи, култуураны утумнаан, киэҥ ис хоһоонноох, кэскиллээх үлэ барыыта салҕанар.
Ол курдук олунньу 17 күнүттэн улууспутугар үгэскэ кубулуйбут культура уонна спорт эстафетата "Дойдубут туһугар - бары бииргэ" диэн тиэмэни арыйан үс бөлөҕүнэн саҕаланна. Балаһыанньаҕа олоҕуран уһуйаан иитиллээччилэрэ фольклорнай композиция, олоҥхону толорууга уонна хабылыкка оонньуохтара. Оскуола оҕолоро-фольклорнай композиция, уолаттар уус-уран ааҕыылара, уус-уран оҥоһуктар быыстапкалара оҕону төрүт дьарыкка сыһыаран сахалыы эйгэни тэрийиигэ туһуланнылар. Ону сэргэ оскуола оҕолоругар сахалыы көрүҥ илии-атах оонньуулара «Биэс төгүл куобах», Хабылык, хаамыска», «Тутум эргиир», «Ойбонтон уулааһын», «Көтөх ынаҕы туруоруу”, «Суоска тэбии».
Дьүүллүүр сүбэ састааба:
1 бөлөххө: Бугаев Николай Николаевич, үөрэх салалтатын гл.исписэлииһэ, сүбэ бэрэссэдээтэлэ
Ларионова Мария Николаевна, үөрэх салалтатын гл. исписэлииһэ
Баишева Евдокия Самсоновна, "Кэрэли" эбии үөрэх киинин методиһа.
2 бөлөххө: Тарасов Николай Петрович, үөрэх салалтатын гл. исписэлииһэ, сүбэ бэрэссэдээтэлэ
Билюкина Марианна Юрьевна, "Кэрэли" эбии үөрэх киинин салайааччыта
Алексеева Сардаана Серафимовна, Майатааҕы "Кэнчээри" оҕо уһуйаанын педагога.
3 бөлөххө: Михайлова Анна Николаевна, үөрэх салалтатын исп. , сүбэ бэрэссэдээтэлэ
Игнатьев Николай Николаевич, үөрэх салалтатын гл. исписэлииһэ
Романова Татьяна Ивановна, Майатааҕы , "Сардаана" уһуйаанын методиһа.
Эстафета хаамыыта, оскуола уонна уһуйаан уопсай ылбыт сыаналара.
(спортивнай оонньуулар түмүктэрэ бары кыттан бүттэхтэринэ тахсар)
ЭСТАФЕТА ХААРТЫСКАЛАРА КҮНҮНЭН КИИРЭН ИҺЭР, МАННА КИИРЭН КӨР, ХАЧАЙДАА
|