Быйыл, халлаан сылыйыаҕыттан, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар клещка ытыттарыы номнуо 3 түбэлтэ бэлиэтэннэ.
Мантан иккитэ кэлии - Сочи уонна Благовещенскай куораттан, биир Балыктаах тыатыгар таҕыста.
Быйылгы кэлии клещ бастакы анаалыһа положительнай буолан кутталы үөскэттэ, ол эрэн бүтэһиктээх түмүк иккис анаалыс кэнниттэн биллэр.
Былырыыҥҥы көрдөрүүнэн улуус үрдүнэн 4 ытыттарыы бэлиэтэммит, ыарыыга хаптарыы тахсыбатах.
Клещ баар сирэ сылтан сыл кэҥээн иһэр. Ордук хатыҥ чараҥҥа баар буолар. Сүрүннээн төбөҕө, көхсүгэ, сымнаҕас сирдэринэн ытырар.
Клещтан көмүскэнэр миэрэлэринэн сэрэтэр уонна харыстанар быһыыны туруортарыы, тыаҕа тахсарга сырдык таҥаһы кэтэн үөн-көйүүр киирбэт гына бүөлэнии, эти-сиини көрүнүү буолар.
Быһыыны туруортарыы сүрүн уонна суһал курстарга арахсар.
▪Сүрүн курска быһыыны суруллубут бириэмэ кэрчигинэн туруортарыы, ол эбэтэр холобур күһүн-саас-күһүн, уопсайа 3 быһыыны ылыы буолар.
▪Суһал курс кылгас кэм иһигэр икки быһыыны клещ үөскүүр кэмин иннинэ туруоруллар.
Саастарынан болдьох ханнык быһыыны туруортараргыттан тутулуктаах. Оҕолорго 1 саастарыттан көҥүллэнэр.
Өскөтүн клещ ытырбыт буоллаҕына, бэйэҕит күүскүтүнэн араара сатаабакка, балыыһаҕа ыллара бараргыт тоҕоостоох.
Клещтан сэрэхтээх буолуҥ, бэйэҕитин харыстанын!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата |