А.С.Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолатыгар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыгар аналлаах «Киһи экодухуобунай сайдыытын үктэллэрэ» улуустааҕы пуорум ыытылынна. Манна оскуола салайааччылара, иитии эйгэтигэр солбуйааччылар, сүбэһиттэр, учууталлар, төрөппүттэр уонна оҕолор – уопсайа 130 киһи кыттыыны ылла.
Пуорум ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар: аҕам сүбэһит, дьиэ кэргэн педагога, суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык Сүбэтин чилиэнэ, «Удьуор утума» төрөппүт кыһатын, «Мин эйгэбин» педагогическай мастарыскыай, Ыал култууратын киинин тэрийээччитэ, СӨ үөрэҕириитин ситимин бочуоттаах бэпэчиитэлэ Любовь Семеновна Аргунова; техническэй билим хандьыдаата, ССРС атомнай бырамыысаланнаһын уонна металлургиятын бэтэрээнэ, СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна, Аан дойдутааҕы славянскай академия чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, СӨ духуобунаһын академиятын бочуоттаах чилиэнэ, “Кут Дабаан” экодухуобунас инновационнай бырайыагын ааптара Иоган Егорович Максимов; педагогика билимин хандьыдаата, ХИФУ педагогическай институтун алын кылааһы үөрэтэр кафедратын сэбиэдиссэйэ Анна Николаевна Неустроева; Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын этнопедагогикаҕа лабораториятын салайааччыта Татьяна Ильинична Жиркова; педагогика билимин хандьыдаата, ХИФУ саха литэрэтиирэтин кафедратын доцена, «Ыал эйгэтэ» бырайыак ааптара Марианна Юрьевна Билюкина; кыраайы үөрэтээччи, Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгин Олоҥхо киинин салайааччыта Мария Егоровна Филиппова.
Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытын Александра, Михаил Охлопковтар дьиэ кэргэттэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. Төҥүлү нэһилиэгин биир тарбахха баттанар «Доруобуйа» уопсастыбаннай түмсүүтэ (салайааччы Надежда Оконешникова) үҥкүүнэн, «Ой дуораана» оҕо вокальнай ансаамбыла (салайааччы Анна Петухова) ырыанан киэргэттилэр.
А.С.Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолатын дириэктэрэ Вячеслав Сотников оскуолаҕа 390 оҕо үөрэнэрин, 89 педагог үлэлиирин, быйыл оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн барбытын билиһиннэрдэ. Бу пуорум бэтэрээн үлэһиттэрин көҕүлээһининэн ыытылларынан, “Кырдьаҕаһы хааһахха уга сылдьан сүбэлэт дииллэринии, үлэбитигэр туһаныахпыт” – диэн түмүктээтэ.
Салгыы Любовь Семеновна Аргунова: “Көлүөнэ барыта тус-туспа концепциялаах. Биһиги киһи экодухуобунай сайдыытын туһунан концепцияҕа үлэлээбиппит ыраатта. Уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһа бэлэмнээх эбит диэн сыаналаан, бастакынан пуоруму эһиэхэ саҕалаатыбыт” – диэн эттэ.
«Киһи экодухуобунай сайдыытын үктэллэрэ» диэн Иоган Егорович Максимов тиийимтиэ лиэксийэтин иһиттибит. Иоган Егорович бу үөрэҕинэн дьарыктаммыта 15 сыл буолбут. «Экодухуобунас» диэн тылы киһи тута өйдөөбөт. Экология диэтэххэ айылҕа алдьатыытын саныахтара. Оннук буолбатах, бу икки тыл холбонуутуттан философскай тыл үөскээбит. Киһи айылгытын уларытан, айылҕаны алдьаппат өйдөбүл киириэхтээҕэ эбит. Лиэксийэ сүрүн санаата – үүнэр көлүөнэ атын, саҥалыы экодухуобунай көрүүлээх, өйдөөх-санаалаах дьон үүнэн тахсалларын туһугар бу үөрэҕи оскуола бырагырааматыгар хайдах киллэрэри толкуйдааһын.
Күн иккис аҥаарыгар туһааннаах хайысхаларынан үлэ ыытылынна. Пуорум түмүгүнэн санаа атастаһыыта тэрилиннэ, сүбэ-соргу ылылынна.
Биһиги улууска бастакынан ыытыллыбыт пуорум салгыы өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилээхтик тарҕанан барарыгар, үтүө түмүктээх буоларыгар эрэнэбит.
Елизавета НЕУСТРОЕВА.
|