Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгэр үөрүүлээх күн үүннэ. Бу күн "Олимпионик" оҕону сайыннарар киин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Үөрүүлээх тэрээһин аал уотун оттон, оҕолору күннэтэ сүүрэр-көтөр, сайдар эйгэлэрин арчылыыр сиэри-туому Спиридон Григорьев-Илгэлээх Испирдиэн оҥордо. Ыраахтан-чугастан ыҥырыллан кэлбит ыалдьыттарга нэһилиэк киэн туттар "Ситим" үҥкүү бөлөҕө эҕэрдэ үҥкүүтүн бэлэхтээтэ.
Үөрүүлээх тэрээһин биир умнуллубат түгэнинэн мустубут дьон үйэлэри ситимниир, көлүөнэлэр алтыһар үөрүүлээх чааһыгар Төҥүлү нэһилиэгэр аан бастаан тэриллибит оҕо саадын бастакы иитээччитин, тыыл уонна педагогическай үлэ, успуорт бэтэрээнин, Төҥүлү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун 90 саастаах Варвара Иннокентьевна Стручкованы дохсун ытыс тыаһынан көрсүүлэрэ буолла.
Саҥа оҕо уһуйаан дьиэтин символическай күлүүһүн "Олимпионик" оҕону сайыннарар киин дириэктэригэр Галина Стручковаҕа "Сервисмонтажстрой" ХЭТ дириэктэрэ Иван Лавров туттарда. Уһуйаан саҥа дьиэтигэр киирэр аалай кыһыл лиэнтэни СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин, СӨ Үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччыта Владимир Тихонов, Төҥүлү нэһилиэгин баһылыга Гаврил Данилов, "Олимпионик" оҕону сайыннарар киин дириэктэрэ Галина Стручкова, "Олимпионик" оҕону сайыннарар киин бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччитэ Рома Цыпандин кырыйдылар.
«Олимпионик» киин саҥа таас дьиэлэммитинэн уһуйаан иитиллээччилэригэр, үлэһиттэргэ, төрөппүттэргэ бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин улуус баһылыга Николай Старостин, СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, СӨ Үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччыта Владимир Тихонов, "Алмазэргиэнбанк" корпоративнай биисинэс департаменын дириэктэрэ Федор Ноговицын, Төҥүлү нэһилиэгин баһылыга Гаврил Данилов тиэртилэр уонна наҕараадалары туттардылар.
Этиллибит тыллар, үтүө баҕа санаалар инникигэ кынаттыылларыгар, инникитин даҕаны "Олимпионик" оҕону сайыннарар киин үлэһит кэлэктиибэ айымньылаах үлэтинэн бэйэтин аатын үрдүктүк тутарыгар кэнчээри ыччаты үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйа турарыгар эрэнэбит.
Подробнее: https://xn--h1abcx8dca.xn--p1ai/article/24020
|