Тохсунньу ый 25 күнүгэр Р.Г. Васильев аатынан Мэҥэ-Хаҥалас кыраайы үөрэтэр түмэлгэ Аан дойдутааҕы хомус киинин уонна түмэлин “Хомусный код” бырайыага үөрүүлээхтик саҕаланна. Бу бырайыак бүтүн республика үрдүнэн араас үөрэх тэрилтэлэрин хабан хас да түһүмэҕинэн ыытыллар.
Мэҥэ Ханалас улууһугар 3 оскуола актыыбынай кыттыыны ылар, уопсайа – 309 оҕо хабылынна, И.Г.Игнатьев аатынан Хара орто оскуолата - 60 оҕо, Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолата- 90 оҕо, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата – 159 оҕо. Бу тэрээһиҥҥэ оскуола фольклорнай куруһуок салайааччылара Ульяна Максимовна Ефремова, Валентина Федоровна Кривошапкина, Игорь Николаевич Игнатьев уонна оскуола тустаах салайааччылара, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын начальнигын солбуйааччы Петров Михаил Васильевич кыттыыны ыллылар.
Ыалдьыттарынан уонна бырайыагы олоххо киллэрээччилэринэн буоллулар: Аан дойдутааҕы хомус киинин уонна түмэлин директора, “Хомусный код” бырайыак салайааччыта Дмитрий Дмитриевич Бястинов, педагогтар Платонова Алена Гаврильевна, Слепцова Марианна Михайловна, Иванова Мария Марковна, хомус маастара, биир дойдулаахпыт Иванов Роман Владимирович.
Үөрүүлээх чааска бырайыак чэрчитининэн 2 өрүттээх сөбүлэҥ түһэрсии буолла. Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аналлаах саха уустара оҥорбут хомустарын 20 оҕоҕо бэлэх туттардылар. Ону таһынан бу күнтэн улуустааҕы түмэлгэ “Амынньыкы мичээрэ” диэн Аан дойдуга биллибит саха хомуһун быыстапката турда. Бырайыак чэрчитинэн 2 күн устата оҕолору хомуска үөрэтии үлэтэ саҕаланар.
Е. Баишева, “Кэрэли” эбии үөрэхтээһин Киин методиһа.
|