Уол оҕо инники кэскилбит, дурда–хахха буолуохтаах эрэлбит буолар. Уолу кыра эрдэҕиттэн спортка сыhыарар, төрөөбүт дойдутун таптыыр, бэриниилээх, тулуурдаах, сымса буола улаатарыгар араас өрүттээх ситимнээх үлэлэр улуус детсадтарыгар ыытыллаллар.
Муус устар 28 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут Төӊүлүтээҕи «Олимпионик» оҕо сайдар киинин саӊа дьиэтигэр улуустааҕы “Хоhуун уол» байыаннай спортивнай күрэх Республикабыт бэлиэ күнүгэр ананан үрдүк тэрээhиннээхтик буолан ааста. Улууспут 11 детсадын: Майаттан «Кэнчээри», “Сардаана”, “Чуораанчык” Аллараа Бэстээхтэн «Сказка», Тумултан «Куоласчаан», Матта “Ньургуhун», Чүүйэ “Чэчир”, Павловскай “Мичээр”, Балыктах «Звездочка», Хара “Кэрэчээн”, Төӊүлү «Олимпионик» кыайыыга дьулуурдаах уолаттара, ох курдук оӊостон, бэлэмнэнэн кэлэн 7 түһүмэххэ күөн көрүстүлэр.
Ол курдук: I түhүмэххэ «Будущий защитник» уолаттар «Оҕо саас гимнин» доргуччу толордулар, строевой бэлэмнэрин көрдөрдүлэр. II түhүмэххэ военизированнай эстафетаҕа уолаттар ким түргэнин, сымсатын судьуйалар бириэмэни көрөн быhаардылар. III түhүмэххэ Россия армиятын историятын, военнай техникатын, войскаларын төhө билбиттэрин кэпсээтилэр. IV түhүмэххэ имигэс тарбах, булугас өй, быаны сүөрүүгэ көhүннэ. Маска тоhоҕону саайыы, хаптаhыны эрбээhин саамай тыӊааhыннаах түhүмэхтэринэн буоллулар. Түмүктүүр түhүмэххэ площадкаҕа тахсан гранатанан ырааҕы кыыратыыга күрэхтэстилэр.
Күрэхтэhии дьүүллүүр сүбэтинэн буоллулар: улуус үөрэҕин салалтатыттан Шарин С.Ф., Төҥүлү орто оскуолатын физкультураҕа уонна военнай үөрэхтээhиҥҥэ үрдүкү категориялаах учуутала, ССРС спордун маастара Эверстов В.С., Төҥүлү орто оскуолатын үрдүкү категориялаах учуутала Баишев Л.В.
Түмүккэ III миэстэни ылла Юра Беляев Майа «Кэнчээри» (сал. Григорьева Д.В., Романов Г.Н.), II миэстэ Саввин Арчын Павловскай «Мичээр» (сал. Саввин А.А.) I миэстэ Жирков Максим Төҥүлү «Олимпионик» (сал. Игнатьев И.И.), уонна «Хоhуун уол» үрдүк аатын ылан кубок хаhаайынынан Колесов Арылхан Хара «Кэрэчээн»» детсадын иитиллээччитэ буолла (сал. Макаров И.И.). Кыттааччылар бары анал ааттарынан бэлиэтэнэн, өйдөбүнньүк бэлэх тутан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Төӊүлүтээҕи «Олимпионик» оҕону сайыннарар киин
|