Уол оҕо инники кэскилбит, дурда–хахха буолуохтаах эрэлбит буолар. Уолу кыра эрдэҕиттэн спортка сыhыарар, төрөөбүт дойдутун таптыыр, бэриниилээх, тулуурдаах, сымса буола улаатарыгар араас өрүттээх ситимнээх үлэлэр улуус детсадтарыгар ыытыллаллар.
Бүгүн, муус устар 26 күнүгэр, үгэскэ кубулуйбут Төӊүлүтээҕи «Олимпионик» оҕо сайдар киинигэр улуустааҕы “Хоhуун уол» байыаннай спортивнай күрэх Республикабыт бэлиэ күнүгэр ананан үрдүк тэрээhиннээхтик буолан ааста. Күрэх сүрүн сыала, уол оҕоҕо спортка интириэhи үөскэтии, уол быhыытынан военнай, париотическай тыыӊӊа, тулуурдаах, дьаныардаах, үлэни тиhэҕэр тириэрдэр үөрүйэхтэри иитии.
Улууспут 14 детсадын: Майаттан «Кэнчээри», “Чуораанчык”, Аллараа Бэстээхтэн «Сказка», “Солнышко”, Тумултан «Куоласчаан», Матта “Ньургуhун», Алтан оскуола-сад, Павловскай “Мичээр”, Балыктах «Звездочка», Хара “Кэрэчээн”, Төхтүр “Мичил”, Хаптаҕай “Хомусчаан”, Төӊүлү «Олимпионик» кыайыыга дьулуурдаах уолаттара, ох курдук оӊостон, бэлэмнэнэн кэлэн 7 түһүмэххэ күөн көрүстүлэр.
Ол курдук: I түhүмэххэ «Будущий защитник» уолаттар «Оҕо саас гимнин» доргуччу толордулар, строевой бэлэмнэрин көрдөрдүлэр. II түhүмэххэ военизированнай эстафетаҕа уолаттар ким түргэнин, сымсатын судьуйалар бириэмэни көрөн быhаардылар. III түhүмэххэ Россия армиятын историятын, военнай техникатын, войскаларын төhө билбиттэрин кэпсээтилэр. IV түhүмэххэ |имигэс тарбах, булугас өй, быаны сүөрүүгэ көhүннэ. Маска тоhоҕону саайыы, хаптаhыны эрбээhин саамай тыӊааhыннаах түhүмэхтэринэн буоллулар. Түмүктүүр түhүмэххэ площадкаҕа тахсан гранатанан ырааҕы кыыратыыга күрэхтэстилэр.
Күрэхтэhии дьүүллүүр сүбэтинэн буоллулар: Төңүлү орто оскуолатын физкультураҕа уонна военнай үөрэхтээhиннэ үрдүкү категориялаах учуутала, ССРС спордун маастара Эверстов В.С., оҕо спортивнай оскуолатын тустууга тренера Власов С.Н., тыа хаhаайыстыбатын техникумун Төӊүлүтээҕи салаатын физкультураҕа салайааччыта Сидоров Р.Р.
Түмүккэ:
- III миэстэни ылла Борисов Айтал Төӊүлү «Олимпионик» (сал. Игнатьев И.И.),
- II миэстэ Сотников Ярик Балыктах «Звездочка» (сал. Стручкова Е.И., Стручкова Н.В., Протодъяконова А.И.)
- I миэстэ Борисов Кирилл Майа «Кэнчээри» (сал. Григорьева Д.В., Романов Г.Н.),
- Муӊутуур кыайыылаах «Хоhуун уол» үрдүк аатын ылан Борисов Денис Хара «Кэрэчээн»» детсадын иитиллээччитэ буолла (сал. Макаров И.И.).
Кыттааччылар бары сертификат, өйдөбүнньүк бэлэх тутан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
|