Ахсынньы 14 күнүгэр Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар хабылык, хаамыска көрүҥэр улууспут үөрэнээччилэрин комплекснай спартакиадата буолан ааста. Уопсайа 15 оскуолаттан барыта 128 спортсмен кытынна.
Соторутааҕыта "СР маастара" үрдүк ааты ылбыт Тиэлиги үөрэнээччилэрин Аэлита Алексееваны, Ян Захаровы эҕэрдэлээн туран оҕолорго билиһиннэрдибит, тренердэригэр Антонина Фёдороваҕа улуустааҕы үөрэх управлениетын уонна улууспут Федерациятын аатыттан махтал суруктары туттардыбыт.
Хамаандаларга үс возраһынан 6 оҕо оскуолаларын чиэһин көмүскээтилэр.
Бөлөхтөрүнэн түмүк бу курдук буолла.
1 бөлөххө:
1м- Төҥүлү
2м- Аллараа Бэстээх 1 оск
3м- Майатааҕы лицей
2 бөлөххө:
1м- Тиэлиги
2м- Мэлдьэхси
3м- Наахара
3 бөлөххө:
1м- Чыамайыкы
2м- Бэдьимэ
3м- Бырама
Биирдиилээн бастыыр иһин уопсай түмүккэ Тиэлиги, Чыамайыкы, Бэдьимэ, Төҥүлү, Майа лиссиэйин, Бырама оҕолоро миэстэлэһэн грамотанан, мэтээлинэн бэлиэтэннилэр, салгыы сайдарга тирэх ыллылар!
Илларионов М.М., үөрэҕирии салалтатын кыл. специалиһа
|