Тохсунньу 10 күнүгэр “Кэрэли” оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр педагогтар А.И. Слепцова, З.А. Герасимова бырайыактарынан «Көтөрдөр мөккүөрдэрэ” норуот остуоруйатыттан суолу тобулуу “Кэрэли” остуоруйа дойдутугар ыҥырар диэн кыһыҥҥы каникул тэрээһинин ыыттылар. Саха остуоруйата - саха бастыҥ санаата, кэрэ кэмҥэ эрэлэ буоларын өйдөтүү. Оҕо айымньы ис хоһоонун билбитигэр олоҕуран, сатабылын туттан, айар үлэни оҥороругар сирдээһин. Остуоруйа дьоруойдарын майгыларын-сигилилэрин кэтээн көрөн, үтүө суобастаах киһи олоххо ситиһиилээх буолар диэн өйдөбүлгэ тиэрдии. Бэйэ бэйэлэрин болҕойон истэ, санааларын этинэ, бодоруһа үөрэнэллэригэр усулуобуйа тэрийии. Остуоруйаһыт “Айылгы” куруһуок салайааччыта Анастасия Ивановна Слепцова икки сиэн кыргыттарынаан, (сэһэннээх сиэнчээн уонна толкуйдаах сиэнчээн - В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 5 “Б” кылааһын үөрэнээччилэрэ Сардаана Ермолаева, Дайаана Захарова) куукулаларынан “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйаны кэпсээн көрдөрдүлэр. «Көтөрдөр мунньахтара” остуоруйаҕа олоҕуран, суолу тобулуу диэн өйдөбүлгэ киллэрэн оҕолор истибит остуоруйаны ырыттылар. Хомоҕой хоһоонньуттар, талба талааннаахтар, уран уруһуйдьуттар диэн үс айар мастарыскыай үлэлээтэ. Түмүккэ санаа атастаһыыта, кэпсэтиһии, ырытыһыы буолла.
Зоя Герасимова
|