Бу дьыл муус устар ый 6 күнүгэр Майатааҕы “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин, өр сылларга иитээччи үрдүк аатын ылбыт педагогтара: Мария Ивановна Катаева, Сардана Алексеевна Аввакумова, Лилия Аркадьевна Павлова, уһуйаан логопед-учуутала Сардана Серафимовна Алексеева айар үлэлэрин улуус уһуйааннарын иитээччилэригэр анаан үрдүк таһымнаахтык сырдаттылар. Уопсайа тэрээһиҥҥэ 38 иитээччи кыттыыны ылла.
Кэлбит ыалдьыттарга анаан күн бастакы аҥарыгар аһаҕас дьарыктар нөҥүө талааннаах иитэччилэрбит өр сылларга үлэлээбит баай уопуттарыттан оҕону кытта бииргэ алтыһыы ньымаларын, сатабылларын көрдөрдүлэр.
Ол курдук, Сардана Алексеевна “Күлүм чаҕыл” саҥа күнү көрсүү туомун “Куобахчаан”орто бөлөх оҕолоругар, “Ылгын уус” туонатыгар төрүт дьарык уратытын, уолу- кыыһы арааран иитии, үлэ үөрүйэхтэрин сатабылын туһунан Мария Ивановна, урукку кэмҥэ үлэлээн ааспыт педагогтар бырагырааммаларыгар олоҕуран,сырдаттылар.
Логопед-учуутал Сардана Серафимовна «Дорҕооннуун доҕордоһуох» -диэн ис хоһоонноох үлэтигэр оҕону кытта иитээччи дорҕоон этиллиитин оҕоҕо судургутук көрдөрөн үөрэтэр, сайыннарар интириэһинэй ньымалары билиһиннэрдэ. Кэнники кэмҥэ үгүс оҕо сэҥээрэн баһылаабыт, илии үлэтигэр айар дьоҕур сонун хайысхатынан мультик оноруутун кистэлэҥнэрин Лилия Аркадьевна арыйда.
Күн иккис анарыгар “Саха төрүт дорҕоонноро» (“ҺӨҔҮҤ”) - диэн ыҥырыынан маастар кылааһы кэлбит ыалдьыттары кытта былааннаан ыыттылар. Манна: саха төрүт дорҕоонуттан дорҕооннору саҥарда үөрэтии, хамсаныылаах хоһооннор, «Оһуор тыл ойуута”(куубугунан кэпсээн), “Сулусчаан” мульстудия үлэлэрэ ситимнэнэн көһүннэ.
Салгыы улуустааҕы үөрэх салалтатын информационнай методическай отдел сүрүннүүр специалиһа - Ларионова Мария Николаевна ыытыллыбыт айар үлэ отчуотун саҥалыы сыаналааһын ньыматын туһанан ырыттарда. Түмүккэ уһуйаан салайааччыта- Романова Екатерина Петровна улуус иитээччилэригэр анаан бэйэтин тус санаатын эттэ.
Кэлбит ыалдьыттарбыт санааларын аһаҕастык сайа эттилэр. Инникитин бу ылбыт билиилэрин айар үлэлэригэр туһаналларыгар элбэх саҥа сүүрээннэри киллэриигэ кынаттанан тарҕастылар.
Кыргыттарбытыгар инникитин өссө элбэх ситиһиини, саҥа арыйыылары баҕарабыт.
|