Убаастабыллаах педагогическай үлэ ветераннара, үөрэх тэрилтэлэрин бары үлэһиттэрэ!
Улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын аатыттан барыгытын кэлэн иһэр 2023 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ааспыт 2022 сылга Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үөрэҕирии тиһигэ «Мэҥэ кэскилэ-7» үөрэҕирии сайдыытын программатыгар олоҕуран үлэтин тэрийэн ыытта. Биһиги үөрэнээччилэрбит олимпиадаларга, научнай-чинчийэр конференцияларга, «Эдэр профессионаллар» хамсааһыҥҥа, спортивнай күрэхтэһиилэргэ, уус-уран көрүүлэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ, бүтүн Арассыыйаҕа тиийэ ситиһиилэнэн төрөппүттэрин, учууталларын үөртүлэр, улуус аатын дорҕоонноохтук ааттаттылар. Кинилэртэн уһуйаан иитиллээччилэрэ хаалсыбатылар, наукаҕа, робототехникаҕа, айар дьоҕуру көрүүгэ маҥнайгы сэмэй хардыылары оҥордулар. Биһиги педагогтарбыт күннэтэ бэйэлэрин билиилэрин хаҥаталлар, уопуттарын кэллиэгэлэрин кытта үллэстэллэр, идэлэринэн күрэхтэргэ актыыбынайдык уонна ситиһиилээхтик кытталлар. Ураты болҕомтону ааһан иһэр сылга оҕону култуурунай нэһилиэстибэҕэ уһуйууга уурдубут. Олоҥхону толоруу, хомуска оонньооһун, төрүччүнү үөрэтии, төрүт дьарык сатабылларын иҥэрии, успуорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыы кэҥээн иһэрэ үөрдэр.
Улууспут, өрөспүүбүлүкэ салалталара үөрэх тэрилтэлэрин материальнай-техническэй базалара тупсарыгар, аныгылыы үөрэтэр тэриллэринэн хааччыллалларыгар болҕомтолорун уураллар. Онно «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак төһүү күүс буолар.
Буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэ учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын 14 сийиэһэ, саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын 2 сийиэһэ үөрэҕирии тэрилтэлэрин иннигэр саҥа соруктары туруордулар. Бу соруктар педагогическай кэллэктииптэргэ дьүүллэһиллэн, ырытыллан үлэ саҥа былааннара торумнаннылар.
Үүнэр 2023 сыл Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэрилиннэ. Бу уопсастыбаҕа педагог статуһун үрдэтэр сыаллаах дьаһал буоларын өйдүүбүт уонна биһириибит. Улууспут салалтата, тыа сирин түөлбэлэрин дьаһалталара, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, урбаанньыттар бу дьаһалы өйөөннөр педагогтарга болҕомтолорун ууруохтара диэн эрэнэбит. Хас биирдии киһи үөрэппит учууталын, сатабылларга уһуйбут настаабынньыгын махтана саныырыгар саарбахтаабаппыт.
Судаарыстыба уонна уопсастыба педагогтан үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиини ирдиир. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев педагогтар дойду кэлэр кэскилин иитэр соруктаахтарын өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини этэринэн оскуола оҕолорун атыннык бэлэмниир сорук турда. Ону тэҥэ үөрэх тэрилтэлэрэ билиини эрэ биэрэринэн муҥурдаммакка, иитэр үлэни күүскэ ыыталларыгар болҕомтону туһаайда.
Онон саҥа 2023 сыл биһиэхэ, үөрэҕирии үлэһиттэригэр, элбэҕи эрэннэрэр уонна үгүс үлэни, саҥа, сонун идеялары, үлэҕэ эппиэтинэстээх сыһыаны эрэйэр сылынан буолуоҕа.
Күндү кэллиэгэлэр!
Саргылаах саҥа дьылынан өссө төгүл эҕэрдэ буолуохтун! Хас биирдии киһиэхэ, дьиэ кэргэҥҥэ саҥа сыл чөл туругу, байылыат олоҕу, ситиһиилээх үлэни-үөрэҕи, үгүс үөрүүнү, толору дьолу тосхойдун! Аар айылҕабыт арчылыы турдун, сир үрдүгэр ил-эйэ олохтоннун!
Н.Л. Никифоров, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын начальнига |