Сэтинньи 22 күнүгэр М.П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатыгар биология, химия учуутала Габышева Яна Ильинична авторскай семинара ыытылынна.
Яна Ильинична бу сыл атырдьах ыйыгар улахан отборочнай этаптары ааһан, “Экосистема. Заповедный край (Камчатка)” Бүтүн Россиятааҕы экологическай форумҥа Саха сириттэн соҕотох учуутал уонна 3 үөрэнээччи буолан кыттан кэлбитэ. Бу форумҥа барыта Движение первых 290 эдэр натуралистара Россия 74 регионуттан кыттыыны ылбыттар.
Алтынньы 9-11 күннэригэр, “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак иЬинэн РФ Үөрэх министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытыллыбыт, “Флагманы образования” региональнай күрэх полуфиналыгар кыттан, муҥутуур кыайыылааҕынан тахсан, Бүтүн Россиятааҕы этапка, финалга кыттар чиэһи ылбыта. Ол курдук, Яна Ильинична бу олох соторутааҕыта, сэтинньи ый 4-8 күннэригэр Подмосковьеҕа Солнечногорск куоракка “Сенеж” салайааччылар мастерскойдарыгар “Россия – страна возможностей” педагогтар уонна салайааччылар президентскэй платформаларын Бүтүн Россиятааҕы “Флагманы образования” диэн күрэхтэрин финалыгар Саха республикатын аатыттан кыттыыны ылан кэллэ. Россия саамай күүстээх лидер педагогтарын кытта бииргэ алтыһыы, тэҥҥэ олорон кэпсэтии, кыттыыны ылыы - бу улахан ситиһии.
Яна Ильинична авторскай семинара үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ ананна. Манна естественнэй науканы үөрэтиигэ аныгы ньымалары олоххо киллэриигэ үлэлэһэр Тумул, Төҥүлү, Павловскай, Ломтука, Майа, Аллараа Бэстээх Ороссолуода, Матта, Хаптаҕай, Мэлдьэхси орто оскуолаларыттан 15 учууталлар кыттыыны ыллылар. Оскуола үөрэнээччилэригэр естественно-научнай грамотнаһы үөскэтии көдьүүстээх ньымаларын көрдөрөр аhа5ас уроктар, практическай дьарыктар буоллулар.
Ол курдук, 8 кылааска «Классификация химических реакций» химия урога, 6 кылааска «Виды корней и типы корневых систем» биология урога, эбиэттэн киэьээ «Научные исследования», «Будущие медики», «Экопривычки: рециклинг» маастар кылаастары Яна Ильинична салайар «Юннаты Движения Первых» о5олоро ыыттылар.
Учуутал үөрэх процеһыгар научнай чинчийэр үлэни киллэрии уопутун кэпсээтэ.
«Сэминээр олус туһалаахтык ааста, элбэх практическай сүбэни ыллыбыт. Бу тиэмэ олус актуальнай дии саныыбыт. Биһиги үлэбитигэр туһанар сыаналаах үөрүйэхтэри ыллыбыт. Ордук маастар-кылаастары астына көрдүбүт,» — диэн кыттаачылар бэлиэтээтилэр.
|