“Өй-санаа уонна эт-сиин ситимэ”- психосоматика туһунан өйдөбүл лиэксийэни Дьиэ кэргэн сайдар тутулун үөрэтээччи, психолог Нина Ильинична Слободчикова алтынньы 27 күнүгэр Улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр ыытта.
“Ыал эйгэтэ” тосхолунан ыытыллар үһүс тэрээһиҥҥэ төрөппүттэр, педагогтар кытыннылар. Психологтар бэлиэтииллэринэн, бүгүҥҥү олорор олохпут тоҕо олус уустугурда, киһи киһиэхэ сыһыана уларыйда диэн ыйытыы үксээбит. Психологтар этэллэринэн, киһи бэйэтин бэйэтэ көрүнэр кэмэ кэлбит. Төбөбүт иһэ араас эҥин бэйэлээх санааларынан, кыһалҕаларынан туолан, онтон эппит-сииммит ыалдьара баар суол. Онуоха төбөбүтүн көннөрүөхтээх эбиппит.
Психосоматика үс таһымнаах эбит. Биологическай, социальнай уонна духуобунай диэн таһымнарга арахсар. Биологическай таһымҥа өскөтүн киһи улахан алдьархайга түбэһэн, куттанан онтун кыайан кэмигэр таһааран, аһарымматах буоллаҕына, ол санаата этигэр-сиинигэр сөҥөн хаалан, ыарыыга кубулуйуон сөп. Социальнай таһымҥа киһи олоххо сыһыана, тулалыыр эйгэҕэ, киһи киһиэхэ сыһыана киирсэр. Бүгүҥҥү общество материальнай өртүгэр салайтаран олорор. Киһи өрүү төбөтүн үлэлэтэн, кыһалҕаны санаан онон эрэ олорор. Киһи санаата–энергия тэтимэ. Психотерапия үөрэҕэ этэринэн, киһи негативнай эмоцияҕа, санааҕа ылларан санаа оҥосто сырыттаҕына, этигэр-сиинигэр иҥэрэн таһаарбатаҕына ыарыыга кубулутуон сөп эбит. Духуобунай таһым – бу олоҕу хайдах баарынан ылыныы буолар. Олоҕу таптыыр, маннык үрдүк духуобунай өйүнэн, олоҕун хайдах баарынан ылынан олорор киһи өйө-санаата чөл, этэ-сиинэ чэбдик буоларын психология үөрэҕэ этэр.
Психолог Нина Слободчикова төрөппүттэргэ дьиэ кэргэн сыаннастарыгар туһуланар бэрт сэргэх, интэриэһинэй, туһалаах иһитиннэриилэри, сүбэлэри-амалары биэрэр. Дьиэ кэргэн олоҕо тупсарыгар туһуламмыт “Ыал эйгэтэ” тосхол дьарыктара салҕанан хас субуота ахсын сарсыарда 10 чаастан Улуустааҕы оҕону эбии үөрэтээһин киинигэр ыытыллар.
Зоя Герасимова
|