Ахсынньы ый 12 күнүгэр «Мичил» уһуйааҥҥа «Мы рисуем» республиканскай проект чэрчитинэн педагогтарга улуустааҕы изодеятельноска семинар буолан ааста. Барыта 42 иитээччи кэлэн кыттыыны ыллылар.
Күн бастакы аҥарыгар маннык дьарыктар ыытылыннылар: улахан бөлөх оҕолоругар, мэһийиигэ «Куобах» диэн темаҕа, Майатааҕы «Кэнчээри» уһуйаантан Вырдылина М. Н., «Тымныы оҕонньор аттара» диэн темаҕа, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар Майатааҕы “Мичил” уһуйаантан Сыдыкбекова М.С. ыыттылар; уруһуйга – улахан бөлөх оҕолоро Саҥа дьыллааҕы бэчиэнньэни киэргэттилэр, Төҥүлүтээҕи «Олимпионик» уһуйаантан, Ощепкова А.И., уонна Көҕүөр ойууну бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар «Мичээр» Павловскайдааҕы уһуйаантан Николаева М.В. уруһуйдаттылар. Педагогтар бэйэлэрин баай уопуттарын, ньымаларын тарҕаттылар.
Күн иккис аҥарыгар Аллараа-Бэстээхтээҕи «Сказка» уһуйаан педагог-организатор Трифонова Ф.Е. «Мир открытий», Майатааҕы «Мичил» оҕону сайыннарар киинтэн Потапова Л.С. «Истоки», Майатааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киинтэн Борисова С.Г. “Радуга”, Майатааҕы «Сардаана» оҕону сайыннарар киинтэн Романова Т.И. “От рождения до школы” программаларын изодеятельноска үлэлээн олорор перспективнай былааннарын билиһиннэрдилэр.
Семинар үрдүк таһымнаахтык ааспытын, үгүс элбэх сүбэни, мунаарар боппуруостарыгар эппиэти ыллыбыт диэн, эдэр иитээччилэр бэлиэтээтилэр. Эбии маннык практическайдаах семинардар буолуохтарын баҕаралларын эттилэр.
|