Саха поэзиятыгар саҥа сүүрээн киллэрбит, ураты куолаһынан биллибит поэт, тылбаасчыт И.Е. Слепцов – Арбита төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах 14 төгүлүн ыытыллар улуустааҕы ааҕыы күрэҕэ Иван уонна Капиталина Бурнашевтар ааттарынан сынньалаҥ киинигэр буолан ааста. Р.А. Бурнашов аатынан Табаҕа орто оскуолатын тэрээһинэ олус сэргэх, үрдүк таһымҥа ааста. Саҥа сүүрээн киирэн, дьон биһирии көрдө. Ол курдук, тэрээһин түһүмэхтэринэн, Арбита хоһоонноруттан аудио ааҕыы, буктрейлер, ыстатыйалар, уонна саамай биһирэммит түһүмэх куукула испиктээкилэ.
Майаттан ыҥырыылаах эдэр көхтөөх көрөөччү театр оҕолоро кэлэн “Күөрэгэй” испиктээкили көрдөрдүлэр. Куукула театра Мэҥэ-Хаҥалас иһинэн саҥа сүүрээн буолан, Табаҕа оҕолоро бастакы кыттыылара олус үчүгэй, үрдүктүк сыаналанна.
Түһүмэхтэргэ киирдэххэ: аудио ааҕыыга уопсайа 25 учуутал, библиотекарь кытынна.
- ЛАУРЕАТ үрдүк аатын ылла Иванова Надежда Владимировна, Чыамайыкы оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, “Буурҕа”.
- ДИПЛОМАНТ 1 ИСТИЭПЭНЭ - Бурнашев Василий Павлович, Тиэлиги оскуолатын директора, “Мин төрөөбүт дойдум”.
- ДИПЛОМАНТ 2 ИСТИЭПЭНЭ - Дмитриева Полина Гаврильевна, Төхтүр оскуолатын библиотекара, “Эн ханна бааргыный”.
- ДИПЛОМАНТ 3 ИСТИЭПЭНЭ - Иванов Александр Николаевич, Суола-Моорук оскуолатын библиотекара, “Мин дойдум”.
Буктрейлер түмүгэ:
- ЛАУРЕАТ "Кэлэр кэм кынаттаах поэта - Иван Арбита", К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ Гоголева Вика, Павлова Туйаара, Стручков Коля, Кириллин Саша. Салайааччы: Васильева Е.В., оскуола педагог-библиотекара
- ДИПЛОМАНТ 1 ИСТИЭПЭНЭ "Степан Марков. Кэрэни кэрэхсии кэлбиппин", Р.А. Бурнашов аатынан Табаҕа орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алексеев Павел, 9 кылааһын үөрэнээччитэ Владимиров Максим. Салайааччылар: Аргунова О.И., Максимова А.Е., Слепцова В.В.
- ДИПЛОМАНТ 2 ИСТИЭПЭНЭ В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата. Салайааччылар: Бугаева С, Дмитриева С.М.
- ДИПЛОМАНТ 3 ИСТИЭПЭНЭ "Иван Арбита. Көмүс күрүлгэн", Р.А. Бурнашов аатынан Табаҕа орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Владимирова Милана. Салайааччы: Владимирова Е.В.
Кукольный театр
- ЛАУРЕАТ Р.А. Бурнашов аатынан Табаҕа орто оскуолатын коллектива, салайааччы: Степанова Р.Д.
- ДИПЛОМАНТ 1 ИСТИЭПЭНЭ К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолатын коллектива
- ДИПЛОМАНТ 2 ИСТИЭПЭНЭ Васильев Эрхан, салайааччы: Романов М.М.
«Биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ, учууталлара Арбита ааҕыыларыгар кыттыылара» хаартыскалардаах ыстатыйалар.
- ЛАУРЕАТ – Семенова Айталина Дмитриевна, К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолатын саха тылын учуутала, “Үрдүккэ кынаттыыр ураты суолталаах “Арбита ааҕыылара””
- ДИПЛОМАНТ 1 ИСТИЭПЭНЭ – Попова Анна Михайловна, Алтан оскуолата. “Айхаллаах аата ааттанар”
- ДИМПЛОМАНТ 2 ИСТИЭПЭНЭ – Чичахова Елена Васильевна, «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ. «Арбита ааҕыылара».
- ДИПЛОМАНТ 3 ИСТИЭПЭНЭ – Колесова Анастасия Андреевна, Хаптаҕай орто оскуолатын учуутала. «Ураты хоһооннорун үөрэппиппит».
Тэрээһин олус сэргэхтик, уратытык ааста. Саҥа сүүрээн киирэн, дьон биһирии көрдө.
Р.А. Бурнашов аатынан Табаҕа орто оскуолатын пресс-киинэ
|