Үөрэх министерстватын уонна республика уруһуй учууталларын Ассоциациатын көҕүлээһиннэринэн тэриллибит “Рисуем все” бырайыак чэрчитинэн ыытыллар Эстафета кулун тутар 27 күнүгэр, бырайыак саҕаламмыт сиригэр Хаҥалас улууһугар Покровскай куоракка «Инновационные технологии и техники в реализации проекта «Рисуем все»» диэн тиэмэнэн ыытылынна.
Эстафета Хаҥалас, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас улуустарыттан 40 педагогическай үлэһити түмтэ.
Эстафета аһыллыытыгар, “Рисуем все” бырайыагы саҕалаабыт дьоннор Александр Васильевич Харитонов, Наталья Николаевна Макеева – бочуоттаах ыалдьыт буоллулар.
Семинарга мустубут дьону Покровскай орто оскуолатын директора С.С. Владимиров, Хаҥалас улууһун үөрэҕин салалтатын начальнигын солбуйааччы Н.Н. Макеева эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр бырайыак, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство оҕо иитиитигэр, үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр оруолун тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Семинар – практикум бырагыраамата олус киэҥ ис хоһоонноохтук ааста.
Уруһуй учууталлара, аһаҕас уруоктары, детсад иитээччилэрэ, Покровской оҕо художественнай оскуолатын, Нам педагогическай колледжын учууталлара маастар-кылаастары үрдүк таһымнаахтык ыыттылар.
Тэрээһин бүтүүтүгэр үөрүүлээхтик Эстафета бэлиэтин Мэҥэ-Хаҥалас улууһун делегациятыгар туттардылар.
М.Н. Ларионова, үөрэҕирии салалтатын кыл. специалиһа
|