Ахсынньы 11 күнүгэр Чурапчы улууhугар Үп министерствота, Финансовай колледж иһинэн финансовай грамотность компетенциятын региональнай киинэ, Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт тэрийиилэринэн илин эҥэр улуустар үөрэхтэрин тэрилтэлэригэр "Ярмарка финансовых идей" ыытылынна.
Бу күн Ярмарка иһинэн 7 тэрээһин ыытылынна: оскуола бизнес-инкубатордарын ярмарка-презентациялара, оскуола оҕолоругар финансовай оонньуу викториналар, уһуйааннар ииттээччилэригэр финансовай культураҕа үлэлэрин уопуттарын үллэстии, методическай лекторий, Ис дьыала министерствотын, Роспотребнадзор, налоговай консультациялара, финансовой культуранан анкетирование, маастар-кылаастар.
Бэйэлэрин үлэлэрин опыттарын иитээччилэр Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Уус-Алдантан, Намтан, Тааттаттан кэлэн кэпсээтилэр.
Биһиги улуустан Майатааҕы "Кэнчээри" оҕону сайыннарар киин тьютора Гаврильева Алена Васильевна, иитээччи Алексеева Эльвира Петровна, Майатааҕы "Чуораанчык" оҕо саадыттан Шарина Наталья Афанасьевна, иитээччи, Ушницкая Лидия Александровна, сүрүннүүр иитээччи, Майатааҕы "Мичил" оҕону сайыннарар киин иитээччитэ Николаева Матрена Владимировна, Павловскайдааҕы "Мичээр" оҕону сайыннарар киин иитээччитэ Романова Людмила Прокопьевна, Төхтүрдээҕи "Мичил" оҕону сайыннарар киин иитээччитэ Афанасьева Мария Николаевна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитиигэ-үөрэтиигэ финансовай грамотноһы киллэриини араас өттүттэн арыйан кэпсээтилэр. Ол курдук оҕолорго араас финансовай оонньуулары, экономикаҕа бастакы хардыыларга туһанар пособиелары көрдөрөн мустубут дьон сэҥээриитин ыллылар.
Иитээччилэргэ анаммыт тэрээһини иилээн саҕалаан ИРО ПК дошкольнай кафедратыттан Татьяна Вячеславовна Холмогорова ыытта. Кыттыбыт педагогтарга республикаҕа опыттарын тарҕаппыттарын иһин сертификат туттардылар.
|