Сэтинньи ый 24 күнүгэр Хара нэһилиэгин В.М. Егоров аатынан «Чыпчаал» спортивнай компелексыгар улуустааҕы үөрэҕирии салалтата уонна Харатааҕы “Кэрэчээн” уһуйаан тэрийиитинэн Мэҥэ – Хаҥалас уһуйааннарын КМО кыайыылаахтарын икки ардынааҕы “Ийэм, аҕам, мин – спорду өрө тутар дьиэ кэргэн” күрэх тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Күрэх сүрүн сыала, дьиэ кэргэн чөл туруктаах буоларыгар уһуйуу, спорду көҕүлээһин.
Күрээххэ уопсайа 7 КМХ кыайыылаахтара кэлэн күөн көрүстүлэр. Ол курдук: Балыктаах КМХ Матта “Ньургуһун” уһуйааныттан Кычкиннар, Хорообут КМХ Мэлдьэхси оскуола садыттан Ивановтар, Приленскай КМХ Павловскай “Лена” уһуйааныттан Николаевтар, Төҥүлү КМХ “Олимпионик” оҕону сайыннарар киинтэн Власовтар, Харатааҕы КМХ “Кэрэчээн” уһуйааныттан Николаевтар, Майа КМХ “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киинтэн Васильевтар, Бестээх КМХ Томтор “Мичээрэ” уһуйааныттан Баишевтар дьиэ кэргэн кыттыыны ыллылар.
Ол курдук, күрэх 6 көрүҥүнэн ыытылынна:
1. Бэйэни билиһиннэрии
2. Уһуну ыстаныы
3. Аҕалар сиртэн тирэнэн анньыныылара
4. Оҕо уонна ийэ пресс хачайдааһына
5. Сыалы таба быраҕыы
6. Скакалканан ыстаныы
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Мэҥэ – Хаҥалас улууһун иитии уонна эбии үөрэхтээһин отделын сүрүн специалиһа Николай Витальевич Романов, Мэҥэ – Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон «Оҕо – ыччат спортивнай оскуолатын» иитэр-үөрэтэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Айталы Дмитриевна Артамонова, Харатааҕы И.Г. Игнатьев аатынан орто оскуола директоры иитии үлэтигэр солбуйааччы Дмитрий Николаевич Брызгалов.
Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн бастакы миэстэни ыллылар Майатааҕы ”Кэнчээри” оҕону сайыннарар киинтэн Васильевтар, иккис миэстэ Төҥүлү “Олимпионик” оҕону сайыннарар киинтэн Власовтар, үһүс миэстэ Томтор “Мичээр” уһуйааныттан Баишевтар дьиэ кэргэн.
Кыттыбыт дьиэ кэргэн бары сертификатынан уонна өйдөбүнньүк бэлэҕинэн наҕараадаланнылар.
Кыайбыт команда ахсынньы ый 17 күнүгэр республиканскай күрэххэ улууспут чиэһин көмүскүү киириэхтэрэ. Васильевтар дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиини, кыайыыны – хотууну баҕарабыт!
Протокол конкурс – соревнования: https://disk.yandex.ru/i/Kpmu84EYJX2-sA
|