Кулун тутар 1 күнүттэн 21 күнүгэр диэри Мэҥэ Хаҥалас улууһун бары нэһилиэктэригэр төрөөбүт тылы өйүүр сыаллаах “Ийэбиниин сахалыы ааҕабын” марафон ыытыллар. 3 нэдиэлэ устата алын кылаас үөрэнээччилэрэ ийэлэрин кытары ханнык баҕарар сахалыы кинигэни ааҕыахтара, дьоҕус сорудахтары толоруохтара. Бүгүҥҥү күҥҥэ марафоҥҥа 609 оҕо кыттар баҕатын биллэрдэ. Марафон куратордара - оскуола библиотекардара уонна кылаас салайааччылара кыттааччыларга сүбэлээн биэриэхтэрэ, айымньылаах ааҕыыга көҕүлүөхтэрэ.
Кыттааччылар марафон халандаарын туттулар, төлөпүөннэригэр сахалыы шрифт туруордулар, саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын электроннай көрүҥүн билистилэр.
Марафону түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин кулун тутар 27 күнүгэр Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинигэр буолара былааннанар.
Күндү ийэлэр, педагогтар! 3 нэдиэлэ устата киэһэ аайы оҕо ийэтиниин төрөөбүт тылынан айымньылаах ааҕыыларын көҕүлээн туохха да кэмнэммэт иһирэх эйгэни тэрийиэҕиҥ!
#ийэбиниинсахалыыааҕабын |