Ахсынньы ый 20 күнүгэр Майаҕа кыраайы үөрэтэр музейга “Yөрэтэр-онорон таhаарар киин” эбии үөрэхтээhинин педагога, дэгиттэр талааннаах иистэнньэҥ Наталья Васильевна Левина анал быыстапката аhылынна.
Быыстапка култуурунай нэһилиэстибэҕэ сыһыарыы сылын (Год приобщения детей к культурному наследию в системе образования Мегино-Кангаласского улуса) чэрчитинэн Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын иһинэн былааннанан тэрилиннэ.
Быыстапкаҕа Наталья Васильевна бэйэтэ тикпит сахалыы таҥастара, көбүөрдэрэ, симэхтэрэ, бэйэтин уонна үөрэппит оҕолорун үлэлэрэ турдулар.
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ, аймахтара, “Кэрэли” эбии үөрэхтээһин кииниттэн уо.д.а. истиҥ тылынан эҕэрдэлээн, айылҕаттан уонна өбүгэлэриттэн утумнаммыт илиитигэр дьоҕурун, иис кистэлэҥин арыйан, өр сыллаах үлэтин дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарбытын хайгыы-сөҕө көрдүлэр.
Инникитин кэрэҕэ, сатабылга, оҕолору уһуйан, үөрэтэр-иитэр ньымаларынан оҕону сайыннаран, олоххо бэлэмнээх дьон буолан иитиллэн тахсалларыгар төһүү күүс буолуоҕа диэн баҕа санааларын тириэртилэр.
Быыстапка Кыраайы үөрэтэр музейга тохсунньу 20 күнүгэр диэри туруоҕа.
|