Муус устар 4-8 күннэригэр Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, уһулуччулаах политическай деятель Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар, Арассыыйа норуоттарын култуураларын нэһилиэстибэтин сылыгар, Үөһээ Бүлүү улууһугар быйыл биллэриллибит Ийэ тыл сылыгар аналлаах II-с ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ «БАСХАН – 2022» ДЬЫАЛАБЫАЙ ООННЬУУ (КУОНКУРУС) дириҥ, киэҥ суолтаны, өйдөбүлү ылан Үөһээ Бүлүү улууһугар ZOOM платформа нөҥүө тэрилиннэ. Барыта 11 улуустан - Чурапчы, Сунтаар, Бэрдьигэстээх, Өймөкөөн, Хаҥалас, Амма, Усуйаана, Мэҥэ Хаҥалас, Томпо, Уус Майа, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан 14 кыттааччы кытынна. Саха республикатын араас улууһуттан бастыҥтан-бастыҥ, лиидэр уолаттара өйдөрүн-санааларын, билиилэрин-көрүүлэрин биэс түһүмэхтээх тургутууга илин былдьастылар.
Түөрт күннээх күрэх түмүгэ муус устар 8 күнүгэр биллэн, кыайыылаахтар ааттанылар. Ол курдук анал аатынан 11 кыттааччы бэлиэтэннэ. Онтон үһүс миэстэҕэ Горнай улууһун Семен Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Сахайаан Максимов 3 миэстэ, Мэҥэ -Хаҥалас улууһун М. П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Сайдам Винокуров 2 миэстэ, Амма улууһун В. М Новиков Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Тимур Солдатов бастакы миэстэ, Үөһээ Бүлүү улууһун Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей интернат 10 кылааһын үөрэнээччитэ Данил Ефимов кылаан кыайыылаах буоллулар. Кыайыылаахтар сыаналаах бириистэри тутан долгуйдулар.
Бу күрэх, бары тэрийээччилэр, кыттааччылар уонна салайааччылар бэлиэтээбиттэрин курдук үрдүк таһымҥа ыытылынна. Кыттааччы уолаттарбыт -инники эрэллэрбит - билиилэрэ-көрүүлэрэ киэҥэ, тус санааларын сааһылаан саҥараллара, төрөөбүт дойдуларын, норуоттарын олоҕун, сахабыт тылын сайыннарар баҕалаахтара барыбытын үөртэ, долгутта.
⠀
⠀⠀
⠀ |