Алтынньы 26 күнүгэр Майаҕа улуус үөрэҕин управлениета уонна улуустааҕы үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин тэрийиилэринэн, оҕо сатабылын, дьоҕурун арыйар аан бастакытын ыытыллар “Идея-2018” дизайн уонна моделирование улуустаа5ы куонкурус ыытылынна.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин дириэктэрэ Иннокентий Скрябин, улуус үөрэҕин управлениетын иитэр үлэҕэ отдел салайааччыта Нюргуяна Варламова оҕолору эҕэрдэлээн, ситиһиилэри баҕардылар.
Күн бастакы аҥарыгар кыттааччылар секцияларынан арахсан бэйэлэрин бырайыактарын көмүскээтилэр. Оҕо дьоҕурун, сатабылын тургутар “Дизайн среды и архитектуры”, “Графический дизайн” (компьютерная графика), “Моделирование одежды", "Изделие из металла”(ювелирное дело), “Роспись” (роспись по дереву, стеклу и керамике), “Изделия из дерева” (резьба по дереву, изделия из бересты), “Дизайн бисер” (лоскутное шитье, вышивка) бырайыактарга оҕолор кытыннылар.
Күн иккис аҥарыгар куонкурус анал сорудахтарын толордулар. Улуустааҕы “Идея-2018” куонкурус түмүгүнэн кыттааччыларга уонна кыайыылаахтарга анал туоһу суруктар туттарылыннылар.
Зоя Герасимова
|