2024 сыл кулун тутар 4, 5 күннэригэр Дьокуускай куоракка Республиканскай лицей-интернат базатыгар «Барҕарыы» фонда научнай практическай кэмпириэнсийэтэ 17 секциянан буолан ааста. Бу лицейи элбэх республикаҕа биллэр-көстөр бүтэрбиттэр, холобур: Георгий Михайлов, Ил Дархан администрациятын салайаачыта, Арсен Томскай, Индрайвер хампаанньа салайааччыта, Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат мэра, Никита Андреев, Горнай улууһун баhылыга уо.д.а.
Бастакы күҥҥэ оскуола оҕолорун сахалыы дакылааттара иhилиннэ. Барыта Республика оскуолаларыттан 382 оҕо кыттыыны ылла. Биhи улууспутуттан 18 оҕо: В.П. Ларионов аатынан Майа, И.И. Платонов аатынан Наахара, Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай, Аллараа Бэстээх икки оскуолаларыттан кытыннылар.
Иккис күҥҥэ «Күн» өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо түмсүүтүн тэрээhинэ, учууталларга маастар кылаастар, Ийэ тыл Форума ыытылынна. Сүрүн дакылааты «Барҕарыы» фонда салайааччыта А.В. Постников оҥордо. Ийэ тыл туhунан, кини кэнэҕэскитин, сайдыытын туhунан киэҥ кэпсэтии буолан ааста.
Дьоҕурдаах оҕолору сүрүннүүр Киин
|