Сэтинньи ый 24-30 күннэригэр киэҥ туттар биир дойдулаахпыт, Саха норуотуттан бастакы Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Поповка анаммыт Межведомственнай проект «Патриотический экскурсионный тур» Дьокуускай-Москва-Гомель куораттарынан улуус оскуолаларын 29 волонтер оҕолор экскурсияга сылдьан кэллилэр. Салайааччыларынан: Аллараа-Бэстээх бастакы нүөмэрдээх оскуола ОБЖ учуутала Харлампьев Гаян Александрович, Аллараа-Бэстээх иккис нүөмэрдээх оскуола история учуутала Дьячкова Нарыйа Алексеевна.
Сэтинньи 24 кунугэр сарсыарда Москва куоракка көтөн кэлээт, кыһыл болуоссакка айаннаатыбыт. Кыһыл болуоссакка тиийэн хаартыскаҕа түһэн, күүлэйдээн баран Белорусскай вокзалга барбыппыт. Киэьэ 20:30 поездка киирэн Белоруссия Гомель куоратыгар айаммыт саҕаламмыта. 13 чаас айаннаан Белоруссия Гомельскай уобалаьыгар, Гомель куоракка сарсыарда 9 чааска кэллибит. Биһигини турфирма улэһитэ Дмитрий Рудов автобустаах көрсөн, хонор гостиницабытыгар тиийэн туһэрдэ. Гостиницаҕа таһаҕаспытын уураат ,сарсыардааҥҥы аһылыкпытын аһаан баран Гомель куорат устун экскурсияга бардыбыт. Гомель куорат, кырдьык да киьи сурэгин-быарын таарыйар баай историялаах, хааннаах кыргыьыы буолбут сирэ буоларын биллибит. Улуу граф Румянцев, Панкевич храмын кердубут, паркатыгар сырыттыбыт. Гомельскай государственнай музей воинской славы элбэх бойубуой техникаты керен оголор астынан тагыстылар. Кыргыьыы буолбут сирдэринэн, хаан тохтубутун истэн сурэхпит долгуйда, Сож ерус урдугэр А5а дойду сэриитигэр Гомель куораты фашистартан босхолообут 75-сылыгар анаммыт сэрии охсуьуутун инсценировкатын (реконструкция боя) кердубут. Сүрдээх дьиннээх курдук оонньоотулар.
Сэтинньи 26 кунугэр Красный Берег диэн Гомель таьыгар дэриэбинэҕэ фашистар гомельчаннар оҕолорун пыткалыыр сирдэрэ баар эбит. Онно оҕолор атахтарын быһан кинилэр хааннарын сүүрдэн ылаллар эбит. Киэһэ буолла кафеҕа аҕалан аһаттылар. Аһаан баран гостиницабытыгар айаннаан кэллибит. Кэлэн суунан тараанан баран оҕолордуун киэһээҥҥи куорат устун хаамтыбыт, сөхтүбүт наһаа кыраһыабай, ыраас куорат буоларын биллибит.
Сэтинньи 27 кунугэр сарсыарда 7:00 туран суунан тараанан, сарсыардааҥҥыбытын аһаан баран кылаабнай сыалбытыгар 115 км турар Лоевскай орйуоҥҥа айаннаатыбыт. Лоев куоракка «Музей битвы за Днепр» директора Стадникова Римма Геннадьевна керсен экскурсия оҥордо. «Аллея Героев» Федор Кузьмич Попов аата көмүс буукубаларынан суруллан турарын көрөн наһаа үөрдүбүт. Музей директора Стадникова Р.Г.интириэһинэйдик кэпсээтэ. Федор Кузьмич Поповка аналлаах туспа муннук анаан онорбуттар кини туһунан сырдатыыны, биһириини иьиттибит. Сэбиэскэй Союз Геройа буолбутун туоһулуур докумуона ыйанан турар. Киниэхэ анаан дойдутуттан, Саха сириттэн бэлэхтэр бааллар, остуолга тураллар эбит. Музейга экскурсия кэнниттэн Лоевскай оройуон уөрэҕин управлениятын исписилииһэ Бывальки сэлиэнньэтин школа-сад үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүннэрдэ.Оскуола оҕолоро концертнай программалаах көрустулэр, оскуола үлэтин кэпсээтилэр.
Ол кэннэ Деражичи дэриэбинэҕэ 1756 буойун көмүллэ сытар «Братскай могила» тиийдибит, ол иьигэр 11 Советскай Союз Геройдара. Федор Кузьмич памятнигар торжественно венок уураһына буолла, алаадьы, төрөөбүт алааһын буорун уурдубут. Ону таһынан аҕыйах километрдаах Глушец (место форсирования) бөһүөлэгэр Федор Кузьмич Попов геройдуу быһыыны оҥорбут сиригэр тиийдибит, памятникка хаартыскаҕа түһүү буолла. Биһигини Деражичи уонна Глушец бөһүөлэктэргэ арыаллаан илдьэ сырытта Шкляров Афанасий Гаврилович 91 саастаах ытык кырдьаҕас Деражичи олохтооҕо, уоттаах сэрии кэмигэр 15 саастаах уолчаан, сэрии хонуутугар охтубут биһиги саллааттарбытын харайыынан (кистээһининэн) дьарыктаммыта. Сэрии кэнниттэн «Братскай могила» уонна Глушец бөһүөлэгэр турар памятниктар оҥоһулларыгар улахан кылааттаах. Күн бүгүҥҥэ диэри көрөр харайар, ыраастыыр. Онон биһиги киниэхэ махталбыт улахан буолар. Экскурсиябыт тумугэр Афанасий Гавриловичка улууспут делегациятын ааттыттан өйдөбүнньүк бэлэҕин туттардыбыт.
Харлампьев Гаян Александрович, Аллараа-Бэстээх №1 оскуола ОБЖ учуутала
|