Бүгүн Герасим Иванович Соловьев аатынан улууспут биир баай историялаах Ороссолуода орто оскуолата төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 150 сылын бэлиэтээтэ.
150 сыл анараа өттүгэр 2-с Тыыллыматтан төрүттээх бочуоттаах инородец, сахалартан биир бастакы меценат, Илин Хаҥалас улууһун Инороднай быраабын кулубата Соловьев Герасим Иванович Ороссолуодаҕа бастакы оскуоланы төрүттээн улууспутугар үөрэхтээһин сырдык эйгэтин тэрийбитэ.
Күн бүгүн Иван Васильевич салайааччылаах орто оскуола кэлэктиибэ хас биирдии үөрэнээччи тобуллаҕас толкуйдаах, өркөн өйдөөх, төрөөбүт дойдутун таптыыр, харыстыыр буола үүнэригэр сөптөөх эйгэни тэрийэн кэрэҕэ-сырдыкка, үтүөҕэ-үөрэххэ, билиигэ-көрүүгэ угуйар улууспут биир бастыҥ үлэлээх үөрэҕин кыһата буолар.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов улуус баһылыга Дмитрий Тихонов аатыттан эҕэрдэ суругун кытары 50 000 тыһыынча солкуобай суумалаах туоһу суругу туттарда, Ил Түмэҥҥэ улууспут дьокутаата Андрей Находкин, нэһилиэк баһылыга Илья Макаров, СӨ агро хайысхалаах оскуолалар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Петр Дягилев, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын салайааччыта Гаврил Толстяков мустубут бар дьону, педагогическай үлэ бэтэрээннэрин, кэлэктииби, үөрэнээччилэри эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары, эҕэрдэ суруктары туттардылар.
Бу үөрүүлээх күн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһин сайдыытын устуоруйатын кэрэһэлиир оскуола түмэлигэр сылдьыы, үөрэнээччилэр айар үлэлэрин быыстапкалара, оскуола устун экскурсия, кылаас чаастара, Г.И. Соловьев бүүһүн иннигэр сибэкки дьөрбөтүн ууруу, кэм капсулатын үөрэхтээһин түмэлигэр туттарыы, оскуола үөрэнээччилэрин уонна выпускниктарын эҕэрдэ кэнсиэрэ, көлүөнэнэн күрсүһүү тэрилиннэ.
Оскуола кэлэктиибин үбүлүөйдээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлээн туран дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну, саҥа кирбиилэри, баҕа санаа бастыҥын, айымньылаах үлэҕит үтүө түмүктэрдээх буоларыгар баҕарабыт.
|