Бу күн 1944 сыллаахха Баатараттан төрүттээх биир дойдулаахпытыгар, Федор Кузьмич Поповка сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Бэлиэ күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, тохсунньу 15 күнүгэр, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар "Дьоруой Сулуһун Эстэпиэтэтэ" саҕаламмытын туоһулуур альбом-рапоры уонна Дьоруой сулуһун макыатын туттарыы бэлиэ тэрээһинэ ыытылынна.
Дойдутун, норуотун туһугар сырдык тыынын толук уурбут ытык киһибит аатын үйэтитиини кэрэһэлиир дириҥ суолталаах тэрээһиҥҥэ улуустааҕы үөрэх салалтатын иитэр үлэ отделын исписэлииһэ Николай Николаевич Бугаев уонна Баатара оскуолатын дириэктэрэ Геннадий Алексеевич Макаров кыттыыны ыллылар.
Альбом-рапорт сыл устата Мэҥэ-Ханалас оскуолаларын кэрийэн Ф.К.Попов 100 сыллааҕы юбилейыгар музейга үөрүүлээхтик туттарыллара былааннанар.
Бырайыак чэрчитинэн, хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр Ф.К.Поповка, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылаахтарыгар, тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр аналлаах араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
|